12.08.2025 | 17:41 | Просмотров: 194

Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри өрөмүөннүүллэр

Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри өрөмүөннүүллэр
Ааптар: Марфа ИВАНОВА
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 11 күнүгэр СӨ Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын уонна энергетикатын миниистирэ Вячеслав Емельянов Дьокуускай куоракка баар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынайдык өрөмүөннээһин хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйда.

Ол курдук, Вячеслав Емельянов Федор Попов, Дзержинскэй уонна Чернышевскай уулуссаларыгар баар олорор дьиэлэри көрдө-иһиттэ. Бу дьиэлэргэ акылааты бөҕөргөтүү, сылааһынан, уунан хааччыйар, ууну ыытар тиһиктэри уларытыы, дьиэ атахтарын, баалкалар хахха араҥаларын  көтүрүү үлэтэ барар.

«Федор Попов уулуссатын 10/1-гэр акылааты чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллар. Пуонданы кытта үлэлии үөрүйэх бэдэрээтчит тэрилтэ график быһыытынан үлэлиир – үлэ атырдьах ыйын бүтүүтэ бүтэрэ былааннанар. Маны сэргэ уунан хааччыйар, ууну ыытар тиһиктэрэ саҥардыллар дьиэлэри көрдүбүт. Бу үлэлэр ордук суолталаахтар, оттук кэмин баттаһа бүтүөхтээхтэр», – диэн Вячеслав Емельянов бэлиэтээтэ. Маны таһынан сүрүн болҕомто инженернэй инфраструктураҕа уурулларын тоһоҕолоото: «Тутууну ыытар сезон кылгаһын учуоттаан туран, инникитин саахал тахсыытын аччатар курдук, исписэлиистэр өрөмүөнү ыыталларыгар кэмигэр кыаҕы биэрии дьоһун суолталаах. Бары күөрэйэр боппуруостар муниципалитеттары кытта бииргэ үлэлээһининэн кылгас кэм иһигэр быһаарыллаллар. Ураты болҕомто инженернэй инфраструктураҕа ууруллар – кыһыҥҥы кэмҥэ ОДьХХ үлэтэ тохтоло суох үлэлииригэр. Гааһынан куттала суох хааччыйыы – биир туһунан дьоһун суолталаах сорук».

Хапытаалынай өрөмүөн Пуондатын кылаабынай инженерэ Федор Лукин иһитиннэрбитинэн, быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 59 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Балартан 19-һа – Дьокуускай куоракка.

 

Хаартыска: СӨ Ил Дарханын уонна  Бырабыыталыстыбатын пресс-сулуууспата

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.