15.10.2026 | 15:30 | Просмотров: 98

Ефимов уулуссатыгар оптуобус тохтобулун туруордулар

Манан 3-с нүөмэрдээх оптуобус сылдьар буолуоҕа.
Ефимов уулуссатыгар оптуобус тохтобулун туруордулар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалта Суол инфраструктуратыгар уонна тырааныспарга департаменын салайааччыта Эдуард Садовников «Эхо столицы» эрэдээксийэтигэр иһитиннэрбитинэн, Ефимов уулуссатынан 3-с нүөмэрдээх оптуобус сылдьыаҕа.

«Суол үлэтин туппуппут кэннэ, 3-с нүөмэрдээх оптуобус сылдьан саҕалыаҕа, онно пассажир ахсаанын сыаналыахпыт. Мантан чугас атын тохтобуллар бааллар, онон дьон чопчу бу эргин оптуобуска төһө наадыйарын быһаарыахпытын наада», – диэтэ Садовников.

Кини 17-с нүөмэрдээх оптуобуһу Суорун Омоллоон уулуссатыгар хаалларар былааннаахтарын эттэ. Тоҕо диэтэххэ, бу тохтобул 202-с уонна 203-с түөлбэлэри ситимниир.

Бэлиэтээн эттэххэ, Ефимов уулуссатыгар суол үлэтин тутуу алтынньы 30 күнүгэр диэри ыытыллыахтаах.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп