Эдэр хаһаайкаҕа сүбэ
Холобур, биһиэхэ хаппыыста “Слава” суорда үгүөрүтүк атыыланар. 4 киилэ хаппыыстаны тууһуурга 160 гр моркуоп, 60 гр Кэппэндээйи тууһа наада. Тоҕо чуо бу тууһу ылар ордуга өйдөнөр, тууһуурга олус барсар. Куоракка элбэх сиргэ атыыланар.
Хаппыыстабыт кирдээх, тас хаҕын ылан быраҕабыт. Хаалбытын соломкалыы кыһабыт эбэтэр бысталаан оҥоробут. Моркуобу улахан дьөлөҕөстөөх теркаҕа анньар ордук. Сөптөөх иһити булан, хаппыыстабытын кытта моркуобу холбоон тустуубут. Илиибитинэн ыбылы тутан, үчүгэйдик булкуйабыт. Ол кэннэ үс лиитирдээх өстүөкүлэ бааҥкаҕа кытаатыннара хаалыыбыт. 4 кг оруобуна буолааччы. Бакаа хаппахтаабаппыт. Олус күүгүннэрдэҕинэ, ууланнаҕына, онто таһынан тохтуохтаах.
Үс-түөрт хонук сылаас хоско туруорабыт. Дьиэҕит олус итии буоллаҕына, ити кэм кылгыан сөп. Ол кэнниттэн, дьэ, хаппахтаан баран, сөрүүн сиргэ уурабыт. Туох да уустуга суох ырысыабы туһанан, туһалаах битэмииннэринэн хааччыныҥ.
Маринадтаах хаппыыста
Итинник курдук эрээри уксуустаах, саахардаах гына эмиэ бэлэмниэххэ сөп. Холобур, ити этиллэр 4 кг хаппыыстабытыгар 2-3 устуука орто кээмэйдээх моркуобу кытта, 110 гр тууһу, 300 гр саахары, 4 л ууну уонна 250 мл 9 бырыһыаннаах уксууһу, хара мэлии биэрэһи эбэн оҥоруохха сөп. Мантыбыт, билэргит курдук, үөһэ этиллибит курдук көннөрү тууһааһын буолбатах, маринадтаах аһытыы (квашение) буолар.
Хаппыыстабытын эмиэ тас хаҕыттан ыраастаан баран, кыралыы гына кырбастыыбыт. Шинковкалыахха да сөп. Моркуоппутун сууйан, ыраастаан баран, теркалыыбыт. Бу сырыыга хаппыысталаах моркуоппутун олус наһаа ыбылы булкуйбаппыт. Сүмэһинэ иһигэр хаалыахтаах.
Ол кэнниттэн маринад бэлэмигэр киирэбит. Лиитирэ уубутун оргутабыт, биэрэһин, тууһун, саахарын эбэн баран, 2 мүнүүтэ тэптэрэ түһэбит. Ол кэнниттэн уксууспутун, дьэ, эбэбит. Хаппыысталаах бааҥкабытыгар маринаппытын толору гына кутабыт. Сойута уурабыт. Сойбутун кэннэ холодильникка уган 8 чаас туруорабыт. Дөрүн-дөрүн булкуйар ордук.
Маннык астаммыт хаппыыстаны тымныыга турбута 8-10 чаас буолбутун кэннэ, ыксыыр түгэҥҥэ, сиэбитинэн барыахха сөп. Ол эрээри төһөнөн уһуннук турар да, оччонон минньийэр.