Эдэр гидтэр экскурсияҕа ыҥыраллар
1 №-ДЭЭХ МАРШРУТ. «ДЬОКУУСКАЙ КЫРДЬАҔАС КУОРАТЫН УСТУН»
Мас уустарын тутуулара, атыыһыттар олохторо-дьаһахтара, былыргы дьиэлэр уонна үйэлэри уҥуордаабыт кистэлэҥнэр. Эдэр гидтэр умсугутуулаах кэпсээннэриттэн кырдьаҕас куорат хас биирдии муннуга тиллэн кэлэргэ дылы буолар!
2 №-ДЭЭХ МАРШРУТ. «ОПЕРА УОННА БАЛЕТ ТЫЙААТЫРЫТТАН НИКОЛЬСКАЙ ТАҤАРА ДЬИЭТИГЭР ДИЭРИ»
Куорат архитектуратын кэрэ-бэлиэ сирдэрин, устуоруйатын уонна баай нэһилиэстибэтин кытта билсиһии. Хас биирдии хардыы Дьокуускайы соһуччу өттүттэн арыйар.
Экскурсиялар кимиэхэ интэриэһинэй буолуохтарай?
- Оҕолоругар туһалаах, интэриэһинэй уонна билиини биэрэр туһалаах сынньалаҥы тэрийиэн баҕарар төрөппүттэргэ.
- Уруок таһынааҕы тэрээһиннэргэ уонна кылааһынан тахсыыларга саҥа идиэйэлэри көрдүүр кылаас салайааччыларыгар.
- Устуоруйа уонна кыраайы үөрэтии уруоктарын куорат былыргы сирдэрин оҕолорго илэ көрдөрөн, хаартысканан, видеонан ситэрэн биэриэн баҕарар учууталларга.
Экскурсияҕа суруйтарыы: 8 (914) 292-73-48
Эдэр экскурсоводтар бэйэлэрин билиилэрин үллэстэргэ, интэриэһинэй чахчыларынан соһутарга уонна төрөөбүт дойду устуоруйатын арыйарга көмөлөһөргө бэлэмнэр!