Эбээн уола Гарпани Солинга: "Табаһыт буоларбынан киэн туттабын!"
– Оҕо эрдэхпиттэн айылҕаҕа улааппытым, наар айылҕалыын алтыһар оҕо наһаа элбэҕи толкуйдуур, мэйиитин иһигэр үгүһү буһаран таһаарар буолар эбит. Кыра сылдьан “эбээннэр тоҕо наһаа аҕыйахпытый?” дии саныыр этим. Онтон улаатан истэҕим аайы биһигини, эбээннэри, элбэх киһи билиэхтээх эбит дии саныыр буолбутум. Ыччат эбээн уонна табаһыт буолалларынан киэн туттуохтарын баҕарбытым.
Былыр-былыргыттан табаһыт буолла эрэ үөрэҕэ суох, наар кирдээх таҥастаах-саптаах, хаалынньаҥ толкуйдаах уонна, кистээбэккэ эттэххэ, арыгыһыт диэн өйдөбүл баара. Ол систиэмэни, стереотиптары утары баран, мин табаһыт, тоҥус бииһин ууһа, эбээн буоларбынан киэн туттуохтарын баҕарар эбиппин диэн өйдөөбүтүм.
– Айар үлэҕин хаһааҥҥыттан саҕалаабыккыный? Кимнээх өйүүллэрий?
– Оскуоланы бүтэриэхпиттэн үлэлээн барбытым. Бастакы “Һээдьэ” диэн ырыабын таһаарбыппар, дьон-сэргэ сөбүлээбитэ, олус сэҥээрбитэ. Улахан миссиялаах буоламмын араас харгыстары көрсөбүн, барытын туораан иһэбин. Билигин айа-тута сылдьан ыччат мин музыкабын таптыырын өйдөөтүм. Чукчалар, эбээннэр, сахалар даҕаны “инниҥ хоту баран ис” диэн үгүстүк суруйаллар, өйүүллэр.
Саха сирэ, сахам дьоно наһаа өйүүллэр. Хайаан да эбээн, эбэҥки эрэ дьоно өйдүүр буолбатахтар. Холобур, “Звук Евразии” диэн урукку “Фабрика звезд” курдук хаабааннаах наһаа улахан тэрээһин буолбута. Арассыыйа саамай талааннаах, аатырбыт артыыстара кастиҥҥа кыттыбыттара – 6 эрэ киһини ылбыттара, сэттис кыттааччыны куоластааһынынан талбыттара. Куоластааһыҥҥа 42 киһи киирбитэ уонна аҕыйах ахсааннаах эбээн норуотун оҕото (ол саҕана 18-таахпын) кыайыылаах тахсыбытым. Ол Саха сирэ барыта өйөөбүт буолан ситиһиллибитэ, бары турунан туран куоластаабыттара. Тэрийээччилэр “эн аҕыйах ахсааннаах норуот киһитэҕин дии, хайдах кыайан таҕыстыҥ” диэбиттэрэ, атын кыттааччылар “куоластары албыннаан эрийдилэр” диэбиттэрэ, бэрэбиэркэлэппиттэрэ. 40-тан тахса тыһыынча куолас Саха сириттэн киирбитэ – барыта дьиҥнээх тыыннаах куолас этэ. Ол да иһин сахаларга махталым наһаа улахан. Уопсайынан, наар дьон өйөбүлүн билэ сылдьабын.

– Арктическай оскуолаҕа үөрэммит эбиккин дии?
– Нерюнгри куоракка аҕыйах ахсааннаах норуоттарга аналлаах “Арктика” оскуола баар. Бары Норуоттар икки ардыларынааҕы арктическай оскуола баарын бэркэ билэллэр, оттон Нерюнгрига баар “Арктика” диэн гуманитарнай наукалары, культурологияны дириҥэтэн үөрэтэр экспериментальнай оскуола-интэринээт баарын үгүстэр билбэттэр эбит. Оскуолабыт 1999 сыллаахтан үлэлиир, мин 2022 сыллаахха бүтэрбитим. Билигин Санкт-Петербург куоракка үөрэнэ сылдьабын. Оскуолабар махталым улахан.
Сахалыы, нууччалыы хоһооннору оҕо эрдэхпиттэн суруйабын. Табалар, туундара, дьонум туһунан хоһоон айабын. Эбээннии фольклору оҕо эрдэхпиттэн көрөн-истэн, иҥэринэн улааппытым.
11-с кылааһы бүтэрэр сылбар Гарпани Солинга диэн аатынан бастакы “Һээдьэ” диэн ырыабын Анатолий Горохов өҥөтүнэн таһаарбытым. Кини миигин устуудьуйаҕа ыҥыран ылан Василий Татаринов диэн аранжировщиктыын билиһиннэрбитэ, улахан сыанаҕа бастакыбын А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр таһаарбыта. Бастакы ырыабын уонна кэлиҥҥи да ырыаларым ис туруктарын, хайдах тыыннаах буолуохтаахтарын сүбэ-ама биэрбитэ. Ааппын таларбар көмөлөспүтэ. Усуйааналар киэн туттар ырыаһыппыт хотуттан төрүттээх айар үлэһиттэри наһаа өйүүр, киниэхэ махталым улахан.
– Дойдугар сайылаабыт этиҥ, ыстаада олоҕун туһунан кэпсээ.
– Ыстаадаҕа үксүн түүҥҥү симиэнэҕэ үлэлээччибин. Киэһэ 10 чаастан сарсыарда 10 чааска диэри табалары көрөҕүн. Ол аата мээнэ хараххынан көрөн баран олороҕун диэн буолбатах – табаларгын тута батыһа сылдьаҕын, хас да көстөөх сири атаххынан хаамаҕын.
Быйыл дойдубар сайылаан кэллим, күнүскү үлэҕэ сырыттым. Сарсыарда 7 чааска турар этим уонна “күн бүтэн эрдэҕинэ, хойут да турар киһигин” диэн аҕабыттан мөҕүллэн таҕыстым. Табаһыттар күнү кытта тэҥҥэ уһукталлар.
Сарсыарда тураат, эдэр киһи чаанньыктарын көрөр, чэйин оргута уурар. Онтон маспын хайытабын, дьиэ таһыгар чугаһатан уубун таһабын. Дьиэ ис-тас үлэтигэр ийэбэр көмөлөһөбүн. Аһаан-сиэн баран сарсыарда 10-тан киэһэ 10 чааска диэри табалары батыһа сылдьан көрсөбүн. Сайын табаны күнтэн куотан аһара ыраах сүүрбэтин диэн кэтиигин.
Табаһыт үлэтэ ыарахан. Киһиттэн эт-хаан өттүнэн күүһү-уоҕу, кыаҕы эрэйэр идэ. Төрүт дьарыкпыт буолан үөрэнэн хаалбыппыт, кыра сылдьан онтон атын олох суох буолуоҕун курдук саныыр этим...
– Билигин туох идэтигэр үөрэнэ сылдьаҕын?
– А.И.Герцен аатынан Арассыыйа судаарыстыбаннай педагогическай университетын Хотугу норуоттар институттарыгар бэһис кууруска үөрэнэ сылдьабын. Арассыыйа аҕыйах ахсааннаах норуоттарын институтугар “этнокультуролог-историк” идэтин ылабын. Бүтэрдэхпинэ, учууталлыахпын, этнографическай түмэллэргэ, култуура дьиэтигэр үлэлиэхпин сөп.
Чуолаан манна үлэлии барабын диэн этэр кыаҕым суох, айар үлэнэн дьарыктанабын. Һээдьэҕэ, хомуска үөрэтэбин, кэнсиэртэри тэрийэбин. Норуотум туһунан дьоҥҥо кэпсиибин, култуурабытын көрдөрөбүн.
“Кындыкаан” диэн бырайыакка кыттыһан, бастакы эбээннии компьютернай оонньууну, ойуулугу таһаараары сылдьабыт. Үлэ элбэх. Баҕар, инникитин норуоппар туһалаах буолуом диэтэхпинэ, ханнык эмэ тэрилтэҕэ да үлэлии киириэхпин сөп.

– Хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктарга үөрэххэ киирэргэ, үөрэнэргэ истипиэндьийэ эҥин көрүллэр диэччилэр, оннук баар дуо?
– Мин урут да, билигин да туох да чэпчэтиинэн туһаммаппын, туох да истипиэндьийэтин ылбаппын. Былыр чэпчэтиилэр чахчы бааллар этэ, Саха сирин аҕыйах ахсааннаах норуоттарын ассоциацияларыттан, өрөспүүбүлүкэттэн эҥин истипиэндьийэ көрүллэрэ үһү, билигин оннук олоччу суох. Холобур, Ханты-Манси автономнай уокуругун устудьуоннара истипиэндьийэлээхтэр эбит. Институтум дириэктэрэ Амур уобулаһыттан төрүттээх эбэҥки Софья Александровна Урун аҕыйах ахсааннаах омуктар устудьуоннарыгар өйөбүлү Госдуума таһымыгар тиийэ туруорса сатыыр, билиҥҥитэ туох да уларыйыы суох.
– Төрөөбүт тылгын төһө билэҕин?
– Мин, чиэһинэйдик эттэхпинэ, сахалыы тылынан толкуйдуубун, баһыйар өттүгэр нууччалыы, сахалыы саҥарабын. Эбэм эбээннии кэпсэтэр этэ, киниттэн кэпсэтии тылыгар үөрэммитим. Онон төрөөбүт тылбынан кэпсэтэбин, саҥарабын эрээри, өссө үрдүк таһымҥа, уус-уран эбээн тылын баһылыахпын баҕарабын. Ол туһугар элбэҕи үлэлиибин.
Эбээн ыччата, холобур, Сэбээн Күөлгэ, Березовкаҕа бары эбээннии кэпсэтэллэрин сөҕөбүн. Кып-кыра уһуйаан оҕолоруттан саҕалаан эбээннии саҥараллар этэ. Сэбээн Күөлтэн сылдьар дьүөгэлээхпин, “Илкэн” таһаарыыга үлэлиир, кинилиин наар эбээннии кэпсэтэбит.
Эбээн тылын сүппүт тыл дииллэр. Суох. Эбээн тыла – сүппэт тыл. Сүтүө суоҕа. Баарбыт.
– Омук быһыытынан туох уратылааххынан киэн туттаҕын?
– Саха сиригэр олорор дьоҥҥо айылҕаҕа, уокка, айыыларга, иччилэргэ ураты сыһыан барыбытыгар баар. Оттон мин уратым – көс олох.
Көс олох диэн тохтообот уларыйыы олоҕо. Сайыннары, кыһыннары наар көһө сылдьаҕын, быыстала суох уларыйыылары ааһаҕын. Саҥаттан саҥа сиргэ түргэнник аһылыккын булунуохтааххын, дьиэ-уот тэриниэхтээххин, үлэлиэхтээххин-хамсыахтааххын, тыыннаах хаалыахтааххын, ону кытта табаларгын, дьоҥҥун-сэргэҕин харыстыахтааххын, көмүскүөхтээххин, элбэтиэхтээххин. Оттон билиҥҥи олохпут хайдаҕый? Наһаа түргэнник уларыйа турар тэтимнээх. Мин көс олохтоох буоламмын уларыйыыларга тостон биэрбэппин, барытын чэпчэкитик ылынан иһэбин.
“Эрэйим – кэннибэр, эрэлим – иннибэр” диэн девизтээх олоҕу олоробун.
– Иэйии хантан кэлэрий?
– Наар ураты буочарбын көрдүү сылдьыбытым. Онтон биирдэ өйдөөтүм, мин айбытым син биир атыттартан чыҥха атын буолар эбит, онон көрдөөн бүтэргэ, хайдах баарбынан, сүрэҕим тугу этэринэн айарга-тутарга санаммытым.
Бу улахан куоракка үөрэнэ сылдьан биирдэ эмэ быычыкаа хоһоон оҕотун суруйабын. Ыстаадаҕа икки ый буолаары, бастакы нэдиэлэбэр сылаам тахсыбыта, иккис нэдиэлэбэр ыстаадам тэтимигэр киирбитим, үһүс нэдиэлэбэр олохпор-дьаһахпар киирэн баран соһуйбутум – биир күҥҥэ 4-5 уһун хоһоон кутуллан кэлэ турар буолбута. Астык! Эбээн киһитэ айылҕаттан иэйии ылар, куйаары кытта сибээстэһэр. Бу сырыыбар таба туһунан элбэх хоһоон суруйан кэллим.
– Кимниин үлэлэһэҕин?
– Араас дьону кытта үлэлэһэбин эрээри, бэйэм аҕыйах ытыктыыр доҕоттордоохпун. Киһиттэн киһиэхэ ыстана сылдьыбаппын. Бастакы ырыабын суруйбут киһибин, Василий Татаринов-Хоту Уоланы кытта ситиммин быспаппын. Билигин Герасим Григорьевтыын чугастык алтыһабын, эмиэ бэйэтэ устуудьуйалаах, ырыа устабыт, альбом бэлэмнии сылдьабыт. Аранжировкаларбын Саха сириттэн сакаастаан, Питергэ уһултарабын.

– Көстүүмнэргин ким тигэрий?
– Аан майнайгы көстүүмнэрбин буор босхо, ис сүрэҕиттэн кыһаллан Наталья Ивановна Сыроватская тигэн көмөлөспүтэ. Көннөрү “эбээн оҕото ыллыы-туойа сырыттын” диэн санааттан. Күн бүгүҥҥэ диэри кинини кытта үлэлэһэбит.
Урукку көстүүмнэрбин саҥардарбар бииргэ үөрэнэр кыыһым Альбина Яптунэ диэн омугунан ненец, эмиэ табаһыттар оҕолоро, ылсар. Кини көстүүммүн толорон, тупсаран биэрэргэ олус көлөһөр.
– Атын сирдэргэ тугу сэҥээрэллэрий?
– Хотугу колориттааҕы, уопсайынан, наһаа сэҥээрэллэр. Эбээннии хабарҕа ырыатын, холобур, таба тыыныытын таһаарарбын сөҕөллөр. Хотугу омуктар фольклордара ураты тыыннаах, айылҕаҕа чугас, боростуой, судургу буолан аан дойду дьонугар чугас. Судургубутугар муудараспыт саһан сытар.
– Кэнсиэртээри сылдьар эбиккин.
- Кэнсиэртиэхтээхпин. Наһаа долгуйабын. Бэлэмнээх сылдьабын. Мин ол кэнсиэркэ бэйэм удьуорум, омугум кистэлэҥнэрин, хоту дойду тыынын дьиҥнээхтии көрдөрүөхпүн баҕарабын. Олунньу 19 күнүгэр А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын киинигэр ыҥырабын. Сотору саҥа клип таһаарабын. Альбом бэлэмниибит. Барыта кэнсиэрбин баттаһа тахсыахтаах.
– Эбээн уола Гарпани, куруутун ситиһии көтөллөөх буол!