Эһиил Уһук Илин үрдүнэн кэлим преференциальнай эрэсиим киирэр!
Дойду бэрэсидьиэнэ Уһук Илин урутаан сайдар территорияларын тэрийии көдьүүстээҕин бэлиэтээтэ. Итини этэн туран, эһиил -- тохсунньу 1 күнүттэн -- Уһук Илиҥҥэ биир кэлим преференцияльнай эрэсиими киллэрэргэ суоттаналларын биллэрдэ.
Бу сонун киллэрии туһаннаах федеральнай уокуругу олоччу хабыаҕа. Ол аата, Сахабыт сирэ эмиэ хапсар.
Кэлим преференциальнай эрэсиим (урутаан сайдыы кэлим территоията) диэн тугуй? Туох үтүө өрүттээҕий, туһата-көдьүүһэ туохханый?
Итинник кэлим эрэсиим киириитэ нолуокка, таможняҕа көрүллэр чэпчэтии уонна административнай чэпчэтиилэр чопчу уонна биирдиилээн эрэ сирдэргэ дьайалларын тохтотор. Ол эбэтэр, судургутук эттэххэ, балай эмэ чэпчэтиилэри туһанан кэлбит урутаан сайдыы сиригэр-уотугар Уһук Илин уонна Арктика сирдэрэ олоччу киирсэр буолаллар.
Биисинэһинэн дьарыктанааччыларга ити сүҥкэн өйөбүл буолуохтаах. Баҕарбыт былаһааккаларын талыахтарын сөп. Бу иннигэр курдук урутаан сайдыы территориятыгар (ТОР) хапсар эрэ сирдэргэ үлэлэһии, онно киирэ сатыыр эрэй суох буолар.
Инвестордар ТОР кыраныыссатын иһигэр хапса сатыыр, онно хапсар туһугар араас суол моһойдору көрсөллөрө, кэккэ сөпсөһүннэриини ааһар кыһалҕалара тохтуур. Биисинэһи төрүттүүр, үлэлэлэтэр сирдэрин ТОР границатыгар “баайыллыбакка”, логистика уонна экэниэмикэ өттүнэн көдьүүһү учуоттаан талар кыахтаналлар.
Иккиһинэн, бу иннинэ тус туһунан усулуобуйалаах, ирдэбиллээх сылдьыбыт инструменнар – ТОР-дар, СПВ-лар уонна АЗРФ-лар – бары тэҥ суолталаах уонна өйдөнөр усулуобуйалаах тиһиккэ холбонон, резидент статуһун эрэйэ суох ылар кыахтаналлар.
Бу иннинэ ТОР-га киирсэн, чэпчэтиинэн туһаммыт резиденнэр ол чэпчэтиилэрэ толору кээмэйинэн, эрдэ бэриллибит болдьоххо диэри (15 сылга диэри) салгыы туһаналлар. Тугу да сүтэрбэттэр.
Үсүһүнэн, мэһэй-хааччах биллэ аҕыйаан, бырайыактары олоххо киллэриилэрэ тэтимириэ. Администравтинай процедураны барыы кэмэ кылгыыр. Корпорации развития Дальнего Востока и Арктики курдук сайдыы институттарын нөҥүө кыаллар “биир түннүк” бириинсибэ салгыы үлэлиэ.
Онон сибээстээн, урбаанынан, олохтоох оҥорон таһаарыынан дьарыктаныы көдьүүстээх буоларыгар эрэл улахан.
«КРДВ Якутия» иһитиннэрбитинэн, эрдэ «Якутия», «Южная Якутия» ТОР-дар тэриллэн, дойду Арктикатын резиденнэрин эрэсиимэ олохтонон, итиннэ киирсэн, Саха сиригэр 51 саҥа тэрилтэ аһыллыбыт, чэпчэтиинэн туһаммыт, туһанар кыахтаммыт. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтигэр 280 млрд солк. киирбит уонна 11 тыһыынча үлэ саҥа миэстэтэ аһыллыбыт.
Оттон эһиилгиттэн Уһук Илин бүттүүнүн үрдүнэн кэлим преференцияльнай эрэсиим киириитэ ити көрдөрүүлэри өссө улаатыннарар кыаҕы биэриэ диэн суоттаналлар. Оннук буоллар, ханнык!