19.10.2026 | 10:58 | Просмотров: 83

Эһиил Дьокуускайга от ыйыттан бөҕү тиэйии тарыыба үрдүүр

Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттара Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханыгар 2027 сылга коммунальнай өҥө төлөбүрүн муҥутуур индекса базовай таһымтан үрдүк буоларын туһунан туруорсууну өйөөтүлэр.
Эһиил Дьокуускайга  от ыйыттан бөҕү тиэйии тарыыба үрдүүр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үрдэтии наадатын саҥа тутуллубут бөҕү суордунан араарар уонна тиэйэр ыстаансыйа ороскуотун «Якутскэкосети» өҥөтүн тарыыбыгар киллэрэр наадатынан быһаараллар.

Үрдээбит төлөбүр кэлэр 2027 сыл от ыйын 1 күнүттэн олоххо киирэр. Биир киһиттэн ыйга билигин ылыллар 52,9 солк. оннугар 56 солкуобайга диэри буолар. Чопчу кээмэй олорор дьиэ толору, толорута суох хааччылларыттан тутулуктаах.

Холобур, үс киһилээх ыал, бөх тиэйиитигэр, ыйга, быһа холуйан, 158,7 — 168 солкуобайга диэри төлөһөр буолар.

✅Эрэгийиэннээҕи эпэрээтэр тарыыба: 1 куб. метрга 1 356,86 солкуобай буолара сабаҕаланар. Ол эбэтэр, билигин баар тарыыптан 33,6% үрдүк. 2027 сыллааҕы чопчуламмыт саҥа тарыыба 2026 сыл ахсынньы 20 күнүттэн хойутаабакка бигэргэниэхтээҕэ этиллэр. 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.