19.04.2025 | 10:00 | Просмотров: 344

Эһиги өйөбүлгүт олус наада

Эһиги өйөбүлгүт  олус наада
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Өскөтүн эн чугас киһиҥ, оҕоҥ, кэргэниҥ анал байыаннай дьайыыга баран эрэр буоллаҕына, бастатан туран, тугу гынабытый, ханна баран көмө көрдүүбүтүй. Бу туһунан киһи эрэ барыта билбэт, аан бастаан түбэһэн баран мунан-тэнэн хаалаллар, онно эбии барар кэмэ бу тирээн кэлэн ыксатар.

Онуоха, бастатан туран, уоскуйуохха наада, ону тэҥэ билэр дьоҥҥутуттан сүбэ, көмө көрдүөххэ сөп. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр, куораттарга, дэриэбинэлэргэ, улуустар кииннэригэр СВО барар уолаттарга элбэх көмө оҥоһуллар, анал иистэнэр сыахтар, штабтар бааллар, онно байыаннай таҥастары тигэллэр, хаххаланар суорҕаннары, сиэккэлэри өрөллөр. Онон туох-хайа иннинэ олохтоох дьаһалтаттан, улуус киинигэр баар штабтартан ыйыталаһыҥ. Уонна, биллэн турар, байыас чугас дьоно, эһиги, өйөбүлгүт олус наада буолар. Онон аймахтарынан харчынан көмө хомуйуутун тэрийиҥ, аттыгар баар буоларгытын биллэриҥ.

Онтон куоракка ханна тиийиэххэ сөбүй.

1. «Илии сылааһа» СӨ дьахталларын-ийэлэрин баҕа өттүнэн хамсааһыннара. СВО кыттыылаахтарыгар иистэнэр сыах.

Дзержинскэй уул., 76 С, 2 этээс («Технопарк») Столичнай ырыынак аттынааҕы эргиир (кольцевой) суолунан. Бэйэ быһыытынан, размергын этэн сакаастыаххытын сөп. Төл.: +79141103912

«ДоброVольцы» волонтерскай хамсааһын.

Хаххаланар сиэккэлэр.

Короленко уул., 6, олбуор иһигэр киирэҕит. Билсэр төл.: +79142924185, +79142748800.

3. «Боевые шелкопряды Якутии» уопсастыбаннай хамсааһын.

Хаххаланар сиэккэлэр.

Дзержинскэй уул., 62. Билсэр төл.: +79142411695, +79241709898.

4. СӨ Дьокуускай к. Биир кэлим Координационнай киин суһал штаба.

Аммосов уул. 18, 2 этээс, каб. 2/4.

Уоппускаҕа эбэтэр бааһырыы ылан кэлбит уолаттарга таҥас биэрэллэр, онуоха маннык докумуоннары ирдииллэр: Пааспар, байыаннай билиэт, уоппускаҕа сылдьар ыспыраапката эбэтэр ВВК түмүгэ уонна төннөр билиэтэ. 

Билсэр төл.: +79248675398

5. «Якутия с тобой» СӨ мобилизованнайдары өйүүр уопсастыбаннай хамсааһын.

СВО барар уолаттарга таҥас-сап, көмө биэрэллэр.

Бестужев-Марлинскай уул., 5 К1. ДОСААФ олбуорун иһигэр киирэҕит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп