18.04.2026 | 12:00 | Просмотров: 96

Дыгын оонньуларын кыайыылааҕа кыбартыыра уонна үс мөлүйүөн харчы ылыаҕа

Быйыл Туймаада ыһыаҕа “Үс Хатыҥ” ытык сиригэр бэс ыйын 27–28 күннэригэр буолуоҕа. Бырааһынньык Арассыыйаҕа Норуоттар сомоҕолоһууларын уонна Өрөспүүбүлүкэбитигэр Култуура сылыгар ананыаҕа.
Дыгын оонньуларын кыайыылааҕа кыбартыыра уонна үс мөлүйүөн харчы ылыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тэрийээччилэр киин куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар 100-тэн тахса тэрээһини бэлэмнээтилэр, ол иһигэр сиэр-туом ыытыллыыта, кэнсиэрдэр, күрэхтэһиилэр, быыстапкалар, ат сүүрдүүлэрэ уонна бырагыраама сүрүн тэрээһинэ — дьон интэриэһин тардар «Дыгын оонньуулара» күрэҕи.

“Дыгын оонньууларын” кыайыылааҕа спонсор “СК-Строй” ХЭТ биир хостоох кыбартыыраны уонна генеральнай спонсор “Прогресс” ХЭТ 3 мөлүйүөн харчынан бирииһи ылыаҕа. Миэстэлэспиттэргэ эмиэ наҕараадалар туттарыллыахтара.

Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев бэрэссэдээтэллээх мунньахха бырааһынньык тэрээһинигэр сыһыаннаах боппуруостар ырытылыннылар: сири-уоту тупсарыыга уонна тырааныспар өҥөлөрүттэн саҕалаан куттал суох буолуутугар уонна сибээскэ тиийэ. Мунньах түмүгүнэн ыйыллыбыт болдьох иһигэр ирдэнэр үлэни толорорго сорудах бэрилиннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.