Дьулустаан Никифоров: «Кыл кырыымпа тыаһа саха киһитигэр ордук чугас»
Дьулустаан Гаврильевич бэҕэһээ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Искусство түүнэ-2026” аахсыйаҕа маастар-кылаас ыытта. Бу киэһэ өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр норуот маастара Руслан Габышев оҥорбут кырыымпатын илдьэ кэлбит. Кини этэринэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 40-ча маастар баар.

“Кыл кырыымпа тыаһа саха киһитигэр ордук чугас буолар”, – диэтэ уонна сылгылыы кистээн дьырылатан соһуталаата.
Оҕолору, ыччаты, улахан дьону уһуйар.
“Сааһынан хааччахтаабаппын. Арай оҕолор уонна улахан дьон тус-туспа дьарыктаналлар. 35-тэн үөһэ саастаахтары – улахан дьон бөлөҕөр, онтон эдэрдэр биир бөлөххө киллэрэбин. Бастаан тарбаҕынан сөпкө туттарга үөрэтэбин”, – диэн кэпсээтэ.
Дьулустаан этэринэн, истэр дьоҕуру төһө баҕарар сайыннарыахха сөп. “Муусуканы сатаан истибэппин” диэн кэлээччилэр бааллар, ол эрээри дьарыктанан, хата, кимнээҕэр үчүгэйдик оонньуур буолаллар эбит. “Мин санаабар, муусука син биир спорт курдук, күн аайы дьарыгы эрэйэр”, – диэтэ кини.
Кырыымпа кэнники уон сылга киэҥник тарҕанан, өрөспүүбүлүкэбит үгүс улуустарыгар ансаамбыллар, бөлөхтөр баар буолбуттарын үөрэ кэпсээтэ. Нам улууһугар “Нам кылыһах”, Хаҥалас улууһугар “Кыл кынат” диэн кэлэктииптэр таһаарыылаахтык үлэлииллэрин холобурдаата. Саамай биллэр ансаамбыл – “Кыл Саха”.
“Биһигини түмэр сүрүн тэрээһиммит – Ыһыах. Ону таһынан кэнсиэрдэргэ мустабыт”, – диэтэ Дьулустаан.
Кини улахан тэрээһин кэнниттэн кырыымпатын струналарын уларытар эбит. Билигин маастар элбээн, ити чааһыгар кыһалҕаны көрсүбэттэрин эттэ.

“Киин куорат” кэрэспэдьиэнэ кыл кырыымпа сыанатын итиэннэ сөпкө харайыы кистэлэҥнэрин ыйыталаста.
– Хас биирдии маастар сыананы бэйэтэ быһар. Биир кырыымпа сыаната ортотунан 15 тыһыынча солкуобай буолар.
Миэнэ куорпуһа тирии буолан, кыратык да сиигирдэҕинэ, муннунан ыллаан барар. Дьэ, ол иһин сарсыардааҥҥы сииктэн, ардахтан харыстыыбын.
Саҥа саҕалааччылар мас куорпустаах кырыымпаны ыларгыт ордук, – диэн сүбэлээтэ.