27.10.2026 | 15:30 | Просмотров: 94

ДРОППЕРСТВО: чэпчэки харчы эбэтэр буруйу оҥоруу дуу?

Харчы тиийбэт, иэс-күүс элбэх кэмигэр улахан эрэйэ суох харчылаһыах санаа киирэрэ баар буолар. Аһыыр-таҥнар, дьон сиэринэн олорор баҕа улахана өйдөнөр. Ол эрээри ...
ДРОППЕРСТВО: чэпчэки харчы эбэтэр буруйу оҥоруу дуу?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол эрээри чэпчэки харчы түргэнник бүтэрин ааһан, охсуута, иэдээнэ иннигэр буолуон сөп. Биирдэ алҕас сыыһа туттуу улахан төбө ыарыытыгар кубулуйар кутталлаах.

Холобур, омос көрүүгэ бэйэҥ ааккар суруллубут счеккар харчы ыыттаран баран, туһааннаах өрүккэ таһааран биэрии – улахан буруй, сэмэ буолуо суох курдук дии? Аны, ол көмөҥ иһин эйиэхэ өссө харчы “дук” гыналлара туох куһаҕаннаах буолуой?  Ону баара, баан каартатыгар кэлбит переводу устан биэрии – түөкүннээһин биир көрүҥэ буолуон сөп.

Дропперство диэн — баан каартатын, баан счетун эбэтэр киһи электроннай кумааһынньыгын туһанан, харчыны хостуурга, ыытарга, уу харчыга кубулутарга туттуллар түөкүннээһин биир көрүҥэ. Бэйэлэрин бааҥҥа баар каарталарын реквизиттэрин эбэтэр каарталарын биэрэр дьон дроппер эбэтэр дропар диэн ааттаналлар.

Итинник албын суолга эйигин хайдах үктэтиэхтэрин сөбүй?

–Бааҥҥа баар каартаҕын миэхэ быстах кэмҥэ уларса түһүөҥ дуо, диэн. Араас төрүөтү этиэхтэрин сөп, холобур, бэйэлэрин киэнин сүтэрбит эбэтэр блоктаммыт, пин-кодун умнубут, уордарбыт аатыран уо.д.а.
– Мин эйиэхэ уу харчынан биэриэм эбэтэр иэс биэрэн, бу атын киһиэхэ ыытан эр, диэн.
–Харчыны ыытыынан эбэтэр криптовалютаҕа үлэлэһэр дьиэттэн үлэҕэ ыллаҕа буолан.

–каартата аһын уонна миэхэ реквизиттэри ыыт, диэн.
– эйиэхэ харчыны алҕас ыыппыт аатыран баран, ол харчыны атын каартаҕа ыыттаран.
Көрдөххө, судургу көрдөһүүлэр курдук, ол эрээри...

Бэйэни хайдах көмүскэниэххэ?

✅ Баан каартатын, каартаҥ реквизиттэрин уонна СМС-нан кэлбит кодтары туора дьоҥҥо ончу биэрбэт буол.
✅ Харчы да манньаҕа эн каартаҕар туора харчыны ыыттарыма уонна атын дьоҥҥо харчы ыытааччы буолума!

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.