08.10.2026 | 16:38 | Просмотров: 101

Дойду олохтоохторо уу харчынан ууруналларын ордороллор?

Бааҥҥа уурдарары сэргээбэт буолбуттара көстөр.
Дойду олохтоохторо уу харчынан ууруналларын ордороллор?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол курдук, бу дьыл балаҕан ыйыгар ыытыллыбыт ыйытыкка уу харчынан уурунар ордук диэни талбыта 38 бырыһыан, оттон бааҥҥа уурдарыыны таларын 37% эбит.

Хаһан наада буолла да, баантан улахан сууманы тута уурдаран ылыы уустуктааҕын бэлиэтииллэр. “Уу харчыны ким да блоктаабат, интэриниэт бытаарыыта, сибээс сүтэн ылыыта кыһалҕаны үөскэппэт” – диэбиттэр.

Оттон Freedom Global  аналитиктара уурунуу үп ыстаапкатын түһүүтэ, баан нөҥүө харчыны ыытыһыы хонтуруолланара бааҥҥа эрэниини түһэрэр диэн быһаарбыттар.

Дойду олохтоохторо бу сыл бастакы аҥаарыгар өтөрүнэн буолбатах үгүөрү сууманы (рекорд үһү) – 3,3 трлн солк. – баантан устубуттар.

Кинилэри бааҥҥа уурдардахха бырыһыан да бэриллэрэ тохтоппотох.  Сөп ээ, ким харчытын туора харах ааҕарын, баан нөҥүө төлөһүүтэ, ылсыыта-бэрсиитэ кэтэбилгэ сылдьарын баҕарыай?  

Мантан инньэ өссө цифровой харчыны туһаныы күүскэ киириэҕэ. Төһө оруннааҕа, оруна суоҕа биллибэт гынан баран, цифровой харчыны судаарыстыба өттүтэн кэтээн көрүү, онно орооһуута элбиэ диэн сылыктыыллар. Дьиҥинэн, билигин да, ким кимиэхэ, төһөлүү сууманы ыытарын, ханнык маҕаһыыннарга ордук кыайа -хото төлөһүү оҥоһулларын билэ-истэ олороллор. Ону баан кэшбек, бонус ааҕарыттан да удумаҕалыахха сөп.

Ол кэмҥэ үгүстэр уурунуу харчылаах буолуохтааҕар, иэстэн иэскэ олороллоро, кирэдьиит үөһэ кирэдьиит буолбуттара – эмиэ омун буолбатах.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.