22.10.2026 | 14:58 | Просмотров: 97

Дойду бырабыыталыстыбатыгар – уларыйыы

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин дойду баһылыгар туруорсуутунан, дойду тутаах бартыбыаллаахтарыгар бэлиэ уларыйыы тахсыбыт.
Дойду бырабыыталыстыбатыгар – уларыйыы
Ааптар: Татьяна Захарова-ЛОҺУУРА
Хаартыска: ССТА, РБК таһаарыылар хаартыскалара
Бөлөххө киир

Кини киллэрбит кандидатураларын Владимир Путин өйөөн, дьокутааттар бигэргэтиилэрин ааһан, кэккэ миниистирдэр бэлиэр анаммыттар. Холобур, РФ Тырааныспарын  салайааччытынан үлэлээбит Андрей Никитин оннугар Саха сириттэн төрүттээх (Дьокуускайтан) Дмитрий Ядров анаммыт. Ол туһунан Госдуума дьокутаатынан талыллыбыт Петр Шамаев иһитиннэрбитэ баар. Киин бэчээт суруйарынан, Д. Ядров кандидатуратын Госдуума дьокутааттара бигэргэппиттэр.

Иннинээҕи миниистир Андрей Никитин үрдээн, Виталий Савельев оннугар бырабыыталыстыбаҕа тырааныспары сүрүннүүр вице- премьер буолбут.

Дойду үбүн миниистирэ Антон Силуэнов солотун хабар иэнэ кэҥээн буоллаҕа, үп чааһыгар вице-премьер буолбут.

Дойду бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев оннугар  бу иннинэ 2018 сылтан бу ананыар диэри Приморье күбүрүнээтэринэн олорбут Олег Кожемяко анаммыт. Кини ити иннинэ Коряк автономнай уокуругар (2005 -2007), Амур (2008-2015) уонна Сахалин  (2015-2018) уобаластарыгар баһылыктаабыт уопуттаах. Арассыыйаҕа кини курдук бүтүн үс эрэгийиэни салайа сылдьыбыт баһылык суох.

https://www.eastrussia.ru/ саайтан хаартыска

Манна даҕатан эттэххэ, кини, 2009 сыллаахха этэ дуу, Вячеслав Штыров бэрэсидьиэннээн олордоҕуна дойду дэлэгээссийэтин састаабыгар киирсэн, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар сыһыаннаах муннахха кыттаары, Саха сиригэр, ону ааһан Өймөкөөн улууһугар тиийэ сылдьыбыттаах. Онон биһиги тымныы кыраайбыт туһунан балачча өйдөбүллээх диир оруннаах. Саха боруода сылгытын олус сэргээн, сэҥээрэн барбыт этэ.

Госдуума дьокутааттара Олег Кожемяко дойду бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ, бэрэсидьиэн Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалааҕа буоларын биир санаанан бигэргэппиттэр. 450 дьокутаат бары кини туһатыгар куоластаабыттар.

Бырабыыталыстыба аппараатын салайааччынан кэрэ аҥаар ананна!

Ону таһынан РФ Бырабыыталыстыбатын аппараатыгар эмиэ уларыйыы баар дииллэр. Ол курдук, аппараат салайааччытынан үлэлээбит Дмитрий Григоренко оннугар Ирина Окладникова анаммытын дьокутааттар бигэргэппиттэр.

ССТА хаартыската

 

Бу иннинэ кини дойду үбүн миниистирин бастакы солбуйааччынан үлэлээбит. Федеральнай бүддьүөтү бэлэмнээһини уонна ол туолуутун, тустаах салааҕа бүддьүөт бэлиитикэтин, бырайыактаах үбүлээһини уонна судаарыстыба үбүн салайыы цифровой тиһигин сүрүннээбит.  Кини Красноярскай куораттан төрүттээх, 1984 сыллаах төрүөх. Дьахтар киһи бырабыыталыстыба аппараатын салайааччыта буолуута – улахан, бу иннинэ бэлиэтэммэтэх ситиһии.

Арассыыйа Федерациятын историятыгар бу дуоһунаска, олоҕурбут үгэс курдук күүстээх аҥаардар үлэлээн кэллилэр. Холобур, Дмитрий Собянин, Дмитрий Козак, Игорь Шувалов, Вячеслав Володин уо.д.а. атыттар анана сылдьыбыттара. Ол аата, салайааччы эр дьонтон таһыччы, дьиҥ кыахтаах толкуй, ыллыктаах быһаарыы киниэхэ баар буолан, бу үрдүк дуоһунаска ананнаҕа.

Юрий Трутнев саҥа дуоһунаһын сотору билиэхпит

Урукку боломуочуйалаахпыт Юрий Трутнев кэнэҕэһин да сибээһин быспат үһү, “Уһук Илинтэн ханна уонна барыахпыный?”, – диир сурахтаах. РБК суруйарынан, каадырга сыһыаннаах кэпсэтиигэ сыһыаннаах источник кинини дойду бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ диэн солоҕо бэлэмнииллэрин иһитиннэрбит. Ону дойду баһылыгын дьаһалтатыгар лаппа чугас үлэһит эмиэ бигэргэппит. Үһүс киһи Юрий Трутнев онно патриотическай иитии боппуруостарын сүрүннүөҕүн эппит. Быһата, саҥа дуоһунаһын сотору билиэхпит турдаҕа.

РФ тырааныспарын саҥа миниистирэ – биир дойдулаахпыт

Хоммут уос хоҥнубучча, өрөөбүт уос өһүллүбүччэ, Саха сириттэн төрүттээх саҥа миниистир Дмитрий Ядров туһунан тэттик соҕус да буоллар, эбии иһитиннэриини эбэр оруннаах буолуоҕа.

Кини 1988 сыл ыам ыйын 3 күнүгэр төрөөбүт. Кэргэннээҕэ, хас да оҕолооҕо аһаҕас иһитиннэриигэ баар. ССТА-ҕа эрдэ биэрбит интервьютугар кини: “Авиацияҕа үлэлиир дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Аҕам үйэлээх сааһын тухары Дьокуускайга авиадиспетчеринэн үлэлээбитэ. Оҥоһуллар көтүүлэрэ салайара, мин кини үлэтигэр элбэхтик сылдьыбытым” – диэбитэ баар. Сураҕа, куорат икки оскуолатыгар үөрэнэ сылдьыбыт.

Дмитрий оскуола кэнниттэн киирбит үөрэҕин – Санкт-Петербургтааҕы гражданскай авиация судаарыстыбаннай университетын – 2010 сыллаахха бүтэрбит. Идэтэ – аэронавигационнай хааччыйыы уонна салгын туонатын туһаныы инженерэ диэн эбит.

Эдэр исписэлиис ол сыл салгынынан айаны салайар Арассыыйа судаарыстыбаннай корпорациятыгар радиолокациянын салайыы уонна хонтуруол салаатыгар диспиэччэринэн үлэҕэ киирбит. Салгыы үүнэн-сайдан, госкорпорация дириэктэрин көмөлөһөөччүтэ буолбут. 2018 сылга ити тэрилтэ стратегическай сайдыыга, туһаныыга уонна техническэй бэлиитикэҕэ дириэктэринэн анаммыт.

Эһиилигэр Росавиацияҕа үлэҕэ киирбит. Биэдэмэстибэ баһылыгын солбуйааччыта буолан, аэродромнар инфраструктараларын сайыннарыы уонна көтүү боппуруостарын уонна салгынынан айан туһаныы эйгэтин ааҕыныстыбатын салааларын сүрүннээбит.  Ону тэҥэ “Таһаҕаһы пилота суох тиэрдии”, “Эрэгийиэннэр аэропортарын сайыннарыы”, “Салгын тырааныспара хааччыйар өҥөлөрүн туһанар кыах судургутуйарын хааччыйыы” курдук федеральнай бырайыактары олоххо киллэриинэн дьарыктаммыт.

Кини быһаччы салалтатынан, салгынынан айаны тэрийии Кэлим тиһигэ тупсарыллыбыт. Арассыыйаҕа үлэлии турбут 104 оройуон салгынынан айан кииннэрин бөдөҥсүтэн, 14 улахан, аныгы эрэгийиэннээҕи кииннэр тэриллибиттэр.

2023 сыл балаҕан ыйыгар Дмитрий Ядров Салгын тырааныспарын Федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччытынан анаммыт. Бу дуоһунаска кини 2009 сылтан Росавиацияны салайан олорбут Александр Нерадькону солбуйбут. Кини иннинэ үлэлээбит А.Нерадько ураты улахан кээмэйдээх түөкүннээһиҥҥэ күтүрэнэн, тохтообут. Киниэхэ көбүтүллүбүт холуобунай дьыала салайбыт тэрилтэтин икки улахан суумалаах госконтрагын кытта сибээстээх дииллэр. Ол да буоллар соҥнуур буруйдарын ончу билиммэтэх. Бу балаҕан ыйыттан кинини дьиэ хаайыытыгар көһөрбүттэр.

Оттон Дмитрий Ядрову салгыы билиһиннэрэр буоллахха, былырыын, 2025 сыл атырдьах ыйыгар “Домодедово” аэропорт хампаанньатын салайар дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт.

Алтынньы ыйга кини биир бастакынан «Домодедово» аэропорт тутууларын, маршруттарын ситимин, үпкэ туругун уонна каадыр боппуруоһун быһаарыыга ылсыах буолбут.

Сыл буолан баран, бу дьыл балаҕан ыйыгар кини премьер-миниистир Михаил Мишустиҥҥа ылыммыт соруктара туолуутун, сайыҥҥы көтүү түмүктэрин отчуоттаабыт.

Кини онно эппитинэн, ыам ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри кэмҥэ дойду көтөр аалларынан 39,5 мөл. киһи айаннаабыт. Итинтэн 29,6 түгэнэ  — дойду  иһигэр, оттон 9,9 мөлүйүөнэ — норуоттар икки ардыларынааҕы салгын лииньийэлэринэн көппүттэр. Аэропорт комплекстарыгар тупсаран оҥоруу, саҥардыы ыытыллыбыт. Ол иһигэр Грознайга уонна Махачкалаҕа көтөр аал түһэр-көтөр балаһалара оҥоһуллан үлэҕэ киирбиттэр.  Благовещенскайга уонна Барнаулга саҥа аэропорт тутуллубут. Камчатка кыраайыгар саҥа аэровокзал комплекска үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыт. Кылгас кэм иһигэр үтүмэн үлэ барбыт.

Ыытыллыбыт үлэ түмүгүн премьер-миниистир астыммыт бадахтаах. Ол да иһин буоллаҕа, Дмитрий Ядрову аны тырааныспар миниистиринэн аныыр наадатын бэрэсидьиэҥҥэ үллэһиннэҕэ буолуо. Сахабыт сириттэн тардыылаах эдэрчи киһи салалта эрэлин ылан, дойду таһымнаах салалтаҕа анаммыта сэргэхситэр. 

 

 

 

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.