Дьоруой Охлопков аатынан снайпинг турнирыгар 30 оҕо кыттар
Сыалы чопчу ытыыга Уһук Илин бары регионнарыттан 30-ча обургу саастаах оҕо кыттар. Кинилэр кыра калбирдаах бинтиэпкэттэн ытыыга күрэхтэһиэхтэрэ. “ВОИН” киин араас филиалларыттан сэттэ хамаанда кыттар.
Күрэхтэһиини тэрийээччилэринэн РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин аппараата, Арассыыйа бойобуой снайпинг федерацията, «ВОИН» ыччаты байыаннай-спортивнай бэлэмнээһин уонна патриотическай иитии киинэ уонна СӨ Бырабыыталыстыбата буолаллар.
Турнир сүрүн судьуйатынан РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиннээҕи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев талыллыбыта.
Күрэхтэһии техническэй параметрдарынан дойду биир бастыҥ полигона буолбут «Сулус» үөрэтэр-ытар киинин баазатыгар ыытыллар. Турнирга байыаннай сулууспалаахтар, ыраахтан ытыыга идэтийбит спортсменнар, уо.д.а. кытталлар.
Турнир бырагырааматыгар күнүскү уонна түүҥҥү ытыы баар. Быйыл турнир чэрчитинэн аан бастакытын 16-18 саастаах ыччаттарга күрэхтэһии ыытыллар. Хамаандаҕа 16-18 саастаах үс оҕо киирэр. Оҕолор снайпер уонна корректировщик оруолун толороллор.
Судьуйалар Свердловскай, Кемеровскай, Мурманскай уонна Амурскай уобуластартан, Карелияттан, Чувашияттан, Ямал-ненец автономнай уокуругуттан, Москваттан уонна Саха сириттэн буолаллар. Оҕолор турнирдара күнүс эрэ ыытыллар.