23.10.2026 | 12:00 | Просмотров: 373

Доруобуйабытын босхо көрдөрүнэбит

Ханна, хайдах? Эһиэхэ анаан босхо медицинскэй чинчийиилэри ааһар хас да суол баарын биллибит, барытын биир сиргэ түмтүбүт.
Доруобуйабытын босхо көрдөрүнэбит
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Саха сирин хас биирдии олохтооҕо босхо медицинскэй чинчийиини ааһар кыахтааҕын билэр этигит дуо?

 

ДОРУОБУЙА КИИННЭРИГЭР

Саха сиригэр билигин 9 доруобуйа киинэ үлэлиир. Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи медицинскэй сэрэтии уонна уопсастыбаннай доруобуйа киинэ баар.

Маны таһынан 8 улууска Доруобуйа кииннэрэ үлэлииллэр: Алдаҥҥа, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Намҥа, Нерюнгригэ, Сунтаарга уонна Томпоҕо.

Доруобуйа кииннэрин сүрүн соруктара – ыарыыны сэрэтии: кинилэргэ кэлбит киһи доруобуйатын туругун, ханнык ыарыы олохсуйар чинчилээҕин, ону хайдах сэрэтэри быһаараллар. Кииннэргэ комплекснай ыарыыны сэрэтэр чинчийиилэри толору ыыталлар.

Ыарыылары сэрэтэр чинчийиигэ киирэр:

- Анкеталааһын, ханнык ыарыы сэрэхтээҕин быһаарыы, ол иһигэр бу киһи хайдах аһыы үөрүйэхтээҕин, төһө хамсанарын, табахтыырын, арыгыны амсайарын, мэйии үлэтэ төһө үчүгэйдик барарын анаалыстыыллар.

- Инструменнарынан чинчийии: антропометрия, спирометрия, биоимпедансометрия (организм ис эйгэтин чинчийии);

- Киһи биологическай сааһын, сууккаҕа хас калорий наадатын о.д.а. быһаараллар.

- Чэгиэн буоларга тус туһаайыылаах бырагыраама оҥоһуллар, исписэлиистэр консультациялыыллар, сөпкө аһыырга сүбэ-ама биэрэллэр.

- Диспансернай хонтуруолга ылыахтарын сөп.

Киһини көрөн-истэн баран исписэлиистэр суругунан сүбэлэрин, туһалаах информацияны биэрэллэр, ону тэҥэ диетолог бырааска уонна психологка ыытыахтарын сөп.

Доруобуйа кииннэрэ ханна баалларый?

  1. Дьокуускайга - Бестужев-Марлинскай уул.,
  2. Алдаҥҥа: Алдан оройуонун киин балыыһатыгар, Комаров уул., 27.
  3. Лиэнскэйгэ: Ленскэй улууһун киин балыыһатыгар, Набережная уул., 109.
  4. Майаҕа: Мэҥэ-хаҥалас улуустааҕы балыыһатыгар, Советская уул., 2а.
  5. Мииринэйгэ: Мииринэй киин балыыһатыгар, Павлов уул., 3.
  6. Намҥа: Нам улууһун балыыһатыгар, Платонов уул., 14.
  7.  Нерюнгри: Нерюнгритээҕи киин балыыһаҕа, Ойуунуска уул., 4.
  8. Сунтаар: Сунтаар киин балыыһатыгар, Ленин уул., 26б.
  9. Хаандыга: Томпо  улууһун балыыһатыгар, Е.Кычкин уул., 3.

Хайдах суруйтарабыт?

Суруйтарарга үс ньыма баар. 18 сааһыттан үөһээ саастаах ким баҕарар ОМС полиһынан босхо чинчийиигэ суруйатарыан сөп.

  1. Суруйтарарга саамай түргэн ньыма – СӨ Доруобуйа харыстабылын колл-киинигэр эрийэбит - 122. Операторга Доруобуйа киинигэр чинчийиини ааһыхпын баҕарабын диигит. Дьокуускай олохтоохторо Доруобуйа киинин регистратуратыгар эрийэн суруйтарыахтарын сөп: +7 (4112) 50-88-18.
  2. Госуслуги нөҥүө. “Запись к врачу” салааны талабыт, региоммутун ыйабыт, “Центр здоровья” диэни булабыт, күнүн-дьылын, чааһын талан суруйтарабыт.
  3. Бэйэҕит тиийэҕит. Регистратураҕа бэйэҕит тиийэн суруйтарыаххытын сөп. ОМС полискытын уонна СНИЛС илдьэ тиийэҕит.

Көрдөрүнэ барарбытыгар бэлэмнэнэбит

Чинчийиини чэпчэкитик уонна түргэнник ааһар туһугар бэлэмнэнэн тиийбит ордук буолар эбит.

- Аччык искэ тиийэбит (аччаабыта 6-8 чаас аһаамаҥ). Ыраас ууну иһиэххэ сөп.

- Биир күн иннинэ арыгыны иһимэҥ, ыарахан үлэни үлэлээмэҥ.

- Приемҥа киириэххит иннинэ саатар биир чаас табахтаамаҥ – тыынар кыаххытын сыаналыырга бу олус суолталаах.

- Табыгастаах таҥаһы кэтиҥ. Түргэнник устан ыйааһыҥҥа турарга, мээрэйдэри ыларга барсар гына таҥнан кэлиҥ.

 

ДИСПАНСЕРИЗАЦИЯ

Саха сиригэр диспансеризацияны 18-39 саастаах дьон үстүү сыл буола-буола ааһаллар. 40 саастарын ааспыт дьон диспансеризацияны сыл аайы ааһыахтаахтар.

Диспансеризация икки түһүмэхтэн турар.

Бастакы түһүмэххэ киирэр:

- Анкеталааһын, сэрэхтээх өрүттэри булуу.

- Антропометрия (уһуҥҥутун, ыйааһыҥҥытын, курданаргыт устатын ылаллар, ыйааһын индексэ суоттанар).

- Хаан баттааһынын кээмэйдээһин, хааҥҥа холестерин, глюкоза таһымын билии.

- Флюорография (икки сылга биирдэ), ЭКГ, харах дабылыанньатын кээмэйдээһин (40 саастан саҕалаан).

- Онкоскрининг (эр дьоҥҥо, дьахталларга тус-туһунан).

Иккис түһүмэххэ киириэн сөп:

- Исписэлиистэргэ көрдөрүнүү (невролог, хирург, уролог, офтальмолог, оториноларинголог, гинеколог);

- Эбии инструменнарынан чинчийии (брахиоцефальнай артериялары дуплекснай сканируйдааһын, колоноскопия, спирометрия, тыҥа рентгенографията, эзофагогастродуоденоскопия);

- Лабораторнай анаалыстар;

- Терапевт быраас консультацията – диагноз туруорар уонна салгыы хайдах эмтэнэргитин быһаарар.

Диспансеризацияҕа суруйтарыы эмиэ 122 нүөмэринэн эбэтэр Госуслуги нөҥүө барар. Поликлинкаҕыт регистратуратыгар баран суруйтарыаххытын сөп. Пааспар, полис эрэ наада буолар.

“ОНКОПОИСК” – АРААГЫ СЭРЭТЭР БЫРАГЫРААМА

Онлайн ньыманан үлэлиир “Онокопоиск” бырайыак сүрүн сыала – чэгиэнник сылдьар дьоҥҥо эрдэттэн араак сибикилэрин булуу. Араак төһө эрдэ булуллар да, соччонон ситиһиилээхтик эмтэнэр.

 Хайдах ааһабыт?

онкопоисксаха.рф саайтка киирэн ыйынньыгы батыһан баттаан иһэҕит.

  1. Регистрацияланаҕыт. Төлөпүөҥҥүтүгэр кэлэр коду киллэрэҕит, тус кабинекка киирэҕит.
  2. Анкетаны толороҕут. Тыҥа, быар, эмиий, суон оһоҕос, очоҕос, самыы былчархайын араагын быһаарарга ыйытыктар бааллар.
  3. Түмүгү кэтэһиҥ. Систиэмэ эһиги эппиэттэргитин анаалыстаан баран, араак үөскүүр сибикитэ баар буоллаҕына, Онкологическай диспансерга эбии чинчийиигэ ыытыан сөп. Күнүн-дьылын, чааһын талларар – Онкодиспансер исписэлиистэрэ эрийэн санаталлар.
  4. Түмүгү тутаҕыт. Анаалыс, консультация кэннэ тус кабинеккытыгар онколог быраас түмүгэ кэлэр.

Маны өйдөөҥ: онлайн чинчийии – скриниг. Анкеталааһын түмүгэр туох эмэ сибикитэ баар буоллаҕына хайаан да былааһаҕа барар тоҕоостоох.

Приемҥа пааспар, СНИЛС, полис илдьэ бараҕыт.

Регистратура нүөмэрэ: +7 962 731-18-00.

Онкодиспансер аадырыһа: Феликс Кон уул., 1/3., бэнидиэнньик-бээтинсэ, 08:00-15:00 ч.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.