16.10.2026 | 09:30 | Просмотров: 361

Дьокуускайтан Уус Ньараҕа сөмөлүөтүнэн көтүөххэ сөп буолла

«Якутия» авиахампаанньа көтөр аала Дьокуускай – Уус Ньара хайысханан көтөр эриэйистэрин сөргүттэ.
Дьокуускайтан Уус Ньараҕа сөмөлүөтүнэн көтүөххэ сөп буолла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу иннинэ Уус Ньара аэродромугар сөмөлүөт түһэр-көтөр балаһата халаан уутуттан алдьанан, өрөмүөҥҥэ турбута. Ол үлэ балаҕан ыйын 25 күнүгэр түмүктэммит. Инфраструктурата ирдэбилгэ эппиэттиир уонна көтөр ааллары, ол иһигэр Bombardier Dash 8 Q300 сөмөлүөтү, көтүтэр, түһэрэр кыахтаммыт.

2026 сыл күһүҥҥү-кыһыҥҥы ыйдарыгар Уус Ньараҕа көтөр, онтон кэлэр билиэт атыыга тахсыбыт.

Санатан эттэххэ, эриэйистэри көтүтүү бу дьыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн, Федеральнай авиационнай быраабылаларга олоҕуран, быстах кэмҥэ тохтотулла сылдьыбыта. Бу дьаһал мотуордара аллара өттүгэр баар сөмөлүөттэр алдьанар кутталларын үөскэппэт туһугар ылыллыбыта.

Өрөмүөн кэнниттэн аны онно тиийэн алдьаммыт көтөр аалга саппаас чаас тиэрдиллэрин күүппүттэрэ. Билигин кыһалҕа толору туоратыллан, авиаперевозчик бигэргэммит расписаниенан салгыы үлэлиэ.

Авиабилиэттэри «Якутия» авиахампаанньа официальнай саайтыгар киирэн эбэтэр билиэт атыылыыр каассалартан ылыахха сөп.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.