Дьокуускайтан Бэстээххэ — «Валдай» теплоходунан
Ааспыт субуотаттан Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан аныгылыы тупсаҕай «Валдай» теплоход сылдьар. Бу туһунан СӨ тырааныспарга уонна суол-иис хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
Дьокуускайтан теплоход Өрүс пуордуттан айанныыр. Бэтэрээ биэрэктэн күҥҥэ 5 сырыыны оҥорор.
Айан төлөбүрэ – 700 солк. 10-тан үөһэ саастаах оҕолор толору төлүүллэр, 5-тэн 10-гар диэри саастаах оҕолорго – 50% чэпчэтии, 5-гэр диэри саастаах кырачааннарга – босхо (туспа миэстэ көрүллүбэт).
Теплоход сылдьар расписаниета:
Дьокуускайтан: 08:00, 11:00, 13:30, 15:30, 18:00.
Аллараа Бэстээхтэн: 09:30, 12:30, 14:30, 17:00, 19:00.
Хаартыска: СӨ тырааныспарга уонна суол-иис хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ