Дьокуускайга уу эбийиэктэрин кытылларын ыраастаатылар
СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, бу үлэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологическай куттала суох буолуутун хааччыйыы, айылҕаны сиэрдээхтик туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн уонна уу биологическай ресурсаларын харыстааһыҥҥа боломуочуйалары толоруу чэрчитинэн ыытыллар. Итиэннэ СӨ Экологияҕа министиэристибэтин сакааһынан тэриллэр.
2026 сылга экологическай аахсыйаҕа Эһэлээх, Үөт Арыы уонна Хатыыстаах арыылара хабыллыбыттар. Бэдэрээтчит тэрилтэлэр 6 кубометр кураанах бөҕү, ол иһигэр кытаанах бөҕү, быраҕыллыбыт илимнэри уонна илим тобохторун хомуйбуттар.Уопсайа 75 км усталаах, 3,75 кв. км иэннээх учаастагы ыраастаабыттар.
Экология министиэристибэтэ кытылга хаалбыт бөх уонна илим айылҕаҕа алдьатыыны, оттон уу олохтоохторугар улахан хоромньуну оҥорорун бэлиэтээн туран, Саха сирин олохтоохторун уонна ыалдьыттарын сири-уоту, уу эбийиэктэрин киртиппэттэригэр, сынньалаҥҥа уонна булка-балыкка сиэрдээхтик сылдьалларыгар ыҥырда.