Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ханнык суоллар өрөмүөннэнэллэрий?
Үлэ барыллаан түмүктэрин таһаардылар, инники былааннары кэпсэттилэр.
Быйылгы сыл биир тутаах эбийиэгинэн «Умнас» айан суолун 20-с килэмиэтириттэн 28-с килэмиэтиригэр диэри кэрчигин уларытан оҥоруу буолла. Бэлэмэ – 12,67%, графиктан хаалыы суох. Ону сэргэ Жатайга «Точка будущего» үөрэх киинигэр киирэр суолу тутуу салҕанар: эбийиэк 43,24% бэлэм.
Маны таһынан Кангалааска киирии суол хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэммит. 12,6 км усталаах учаастакка суол бүрүөһүнүн бөҕөргөппүттэр, аспааллаабыттар, сырдатыы үлэтин ыыппыттар уонна күрүөлэри туруорбуттар, тохтобуллары тупсаран оҥорбуттар.
2027 сылга «Нам» айан суолун 18,5-с килэмиэтириттэн 21,4-с килэмиэтиригэр диэри кэрчигин, ол иһигэр Жатайга уонна Кангалааска киирэр суоллары эмиэ, өрөмүөннүүр былааннаахтар. 2027–2028 сылларга бу суол атын учаастагар – 29,5-с килэмиэтириттэн 34-с килэмиэтиригэр диэри, ол иһигэр Камалас үрэҕин туоруур муостаҕа – хапытаалынай өрөмүөнү ыытар былааннаахтар.
Итини таһынан, инникитин Дьокуускай суолларыгар хаартыскаҕа, биидьийэҕэ хатыыр 87 комплекс үлэтин хааччыйар уонна суол быраабылаларын кэһиини хонтуруоллуур биэс саҥа тиһиги туруорар соруктаахтар.
Көрсүһүү кыттыылаахтара суол бырайыактарын куорат уонна куорат таһынааҕы инфраструктура сайдыытын кытта дьүөрэлээн оҥоһуллуохтааҕын бэлиэтээтилэр.