Дьокуускайга муҥутуур итии, тымныы хаһан буолбутун билэҕит дуу?
Ирбэт тоҥ олбохтоох, ааттыын аҕыс ый кыһыннаах, томороон тымныы доҕордоох, олус кылгас эрээри сырылатар куйаастаах, үрүҥ түүннээх сайыннаах, бүтүн аан дойдуга ханна да суох, хатыламмат, ураты кэрэ дойдуга биһиги олоробут.
Ол курдук, Википедия чахчытыгар сигэнэр буоллахха, өрөспүүбүлүкэ килбэйэр киин куоратыгар – Дьокуускайга – муҥутуур тымныы 1891 сыл олунньу 5 күнүгэр буолбут. Ити күн −64,4 °C кыраадыс тымныйбыт. Манна даҕатан эттэххэ, Туймаада хочотугар тохсунньутааҕы орто кыраадыс −38,6 °C диэн суруллар.
Дьэ, оттон туран, куоракка муҥутуур итии-куйаас түһүүтэ биһиги кэммитигэр түбэспит. Чопчута, 2011 сыл от ыйын 17 күнүгэр +38,4 С кыраадыс сатыылаабыт.
Дьиктитэ, көрбүккүт курдук, муҥутуур тымныы буолбутун кэнниттэн күн лоп курдук сүүс ордугуна 20 сыл буолан баран, аны итиибит “өрө көрөн” турбут.