Дьокуускайга маастар-былаанынан алта саҥа мэдиссиинэ эбийиэгэ тутуллуоҕа
Дьокуускай маастар-былааныгар киирбит эбийиэктэр испииһэктэрин билсиэҕиҥ:
– 245 куойкалаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи инфекционнай клиническэй балыыһа;
– Өрөспүүбүлүкэтээҕи психоневрологическай диспансер;
– 2-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа – Суһал мэдиссиинэ көмөтүн киинин баазатыгар эпэрээссийэлиир блоктаах уонна анестезиология, реанимация салаалаах стационарнай отделение;
– 1-кы №-дээх поликлиника саҥа куорпуһа;
– Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркология диспансера;
– 120 куойкалаах, симиэнэҕэ 66 киһини көрөр кыамталаах поликлиникалаах эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы реабилитация киинэ.
«Маастар-былаанынан көрүллүбүт алта эбийиэк сүрүн хайысхалары хабар – суһал уонна анал көмөттөн мэдиссиинэ реабилитациятыгар тиийэ. Олору олоххо киллэрии мэдиссиинэ өҥөтүн табыгастаах оҥоруоҕа, эрдэттэн диагностикалыырга, көдьүүстээхтик эмтииргэ уонна доруобуйаны чөлүгэр түһэрэргэ эбии кыаҕы биэриэҕэ. Биһиги сүрүн сорукпут – доруобуйа харыстабылын систиэмэтин бөҕөргөтүү, дьон уһун уонна көхтөөх үйэлэнэрин ситиһии», – диэн этэн турар доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева.
Санатан эттэххэ, Дьокуускай маастар-былаана Арассыыйа Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан 2025 сыл олунньутугар бигэргэммитэ. Киин куорат сайдыытыгар тыын суолталаах докумуон куорат эйгэтин уонна тупсаҕай оҥорорго туһуланар.