19.02.2026 | 15:30 | Просмотров: 154

Дьокуускайга маһы көҥүлэ суох эрбээһин бобуллар

Оннооҕор өлбүт маһы эбэтэр мэһэйдиир лабаалары көҥүлэ суох ылан кэбиһэр көҥүллэммэт – маныаха официальнай докумуон ирдэнэр.
Дьокуускайга маһы көҥүлэ суох эрбээһин бобуллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын уонна куорат энергетикэтин салаатыттан көҥүл ылыахха наада. Онто суох бу дьайыы сокуоннайа суох быһыынан ааҕыллар, мас эн учаастаккар үүнэ турар эбэтэр өлбүт да буоллаҕына.

Быраабы кэһии иһин ыстараап сүктэриллэр, ону таһынан хоромньуну сабар эбээһинэстээх – 50 саҥа маһы олордуоххар диэри. Бу туһунан департамент иһитиннэрэр.

Маһы кэрдии – маһы эбэтэр үүнээйини төрдүттэн түөрүү, оттон кырыйыы биирдиилээн лабааны (холобур, хаппыт, ыалдьыбыт эбэтэр ыарыылаах) ылан кэбиһии ааттанар. Үлэ бу икки көрүҥэ бигэргэтиини эрэйэр. Уратыта: өлбүт маһы ыраастыырга эбэтэр маһы кэрдэргэ дендробылаан уонна инвентаризация ирдэммэт.

Көҥүл ылар туһугар биирдиилээн дьон докумуоннары кытта сайабылыанньа биэриэхтээхтэр: дендробылаан (күөх үүнээйилэрдээх сирдэри көрдөрөр былаан), инвентаризация испииһэгэ (үүнээйилэр көрүҥнэрэ, диаметрдара уонна туруктара)  уонна биир кэлим судаарыстыбаннай реестртэн (ЕГРН) сибиэһэй выписка.

Быһаарыы 17 үлэ күнүн иһигэр ылыллар. Административнай регламент Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын 16.04.2015 №108п балаһыанньатынан бигэргэммитэ.

“Күөх сирдэри көрүү-истии – хаһаайын тус эбээһинэһэ”, – диэн агентство тоһоҕолоон бэлиэтиир. Үүнээйилэри көҥүлэ суох кэрдии иһин ыстараап эрэ сүкпэккин, ону толуйан, өлбүт мастар оннуларыгар эбэһээт эбии үүннэриэххин наада буолар.

Санатар буоллахха, баһылык Евгений Григорьев Татарстан өрөспүүбүлүкэтигэр сырыытын түмүгүнэн хас биирдии алдьаммыт мас оннугар саҥа маһы олордууну уонна 3 сыл устата ону көрөрү-харайары ирдиир ньыманы толкуйдуурга этиини киллэрэн турар. «Холобура, Татарстаҥҥа өскөтүн бэдэрээтчит күөх үүнээйини алдьаппыт буоллаҕына, бырайыакка киирбититтэн-киирбэтэҕиттэн тутулуга суох, ону толору кээмэйинэн компенсациялыырын ааһан, үс сылга диэри ол үүнээйилэрэ ылсалларын-ылсыбаттарын кэтээн-көрөр эбит. Ылсыбатахтарына сүүнэ ыстарааптаах. Маны барытын муниципальнай сулууспалар хаартыскаҕа түһэриигэ диэри кэтээн көрөллөр», – диэн бэлиэтээбитэ Евгений Григорьев.

Куорат олохтоохторун күөх үүнээйини алдьатыы, кэрдии түгэннэрин биллэрэргэ ыҥыраллар: Дьокуускай к., Дзержинскэй уул., 21, төл.: 22-31-26.

Хаартыскаҕа:
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын муниципальнай инспекцияҕа управлениетын быһаарыытынан бу күһүн «РИК Автодор» тэрилтэ Поярков уулуссатын Короленкоттан Курашов уулуссатыгар диэри кэрчигэр кэрдибит үс маһын оннугар  152 маһы олордубута.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.