05.11.2026 | 10:30 | Просмотров: 85

Дьокуускайга икки хостоох кыбартыыраларга интэриэс үрдүк

Иккис ырыынакка устуудьуйа атыыга тахсара ахсааннаах.
Дьокуускайга икки хостоох кыбартыыраларга интэриэс үрдүк
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Киин Куорат архыыбыттан
Бөлөххө киир

Маныаха «Авито Недвижимость» платформа 2026 сыл балаҕан ыйынааҕы чахчыларын 2025 сыл бу кэм дааннайдарын кытта тэҥнээн көрбүттэр.

Ол курдук, иккис ырыынакка атыылаһааччылар икки хостоох кыбартыыралары ордук сэргииллэрэ бэлиэтэммит – 44%. Биир хостоохтору интэриэһиргээччилэр – 22%, оттон устуудьуйа уонна үс хостоох эбийиэктэр – 17-лии бырыһыаны ылбыттар.

Ол эрээри атыыга үс хостоох кыбартыыралар ордук элбэхтэ тахсаллар – 31%.  Икки хостоохтор – 30%, биир хостоохтор – 27%, оттон устуудьуйалар – баара-суоҕа 4%. Манна биир түгэҥҥэ тохтоон ааһар тоҕоостоох: Дьокуускай иккис ырыынагар үс хостоох кыбартыыра орто сыаната 8,57 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэспит.

«Авито Недвижимость» чахчытынан, квадратнай миэтэрэ сыанатынан саамай барыстаахтара түөрт уонна онтон элбэх хостоох олорор эбийиэктэр буолбуттар – 118 тыһыынча солкуобай.

Үс хостоох кыбартыыраларга бу көрдөрүү – 122 тыһыынча солкуобайга, икки хостоохторго – 141 тыһыынча солкуобайга, биир хостоохторго – 153 тыһыынча солкуобайга тэҥнэспит. Устуудьуйалар квадратнай миэтэрэ сыанатынан саамай ыарахан категория буолбуттар: ортотунан 164 тыһыынча солкуобай.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.