Дьокуускайга ханнык оскуолалар, оҕо уһуйаана тутулла туралларый?
Петровскай уулуссатыгар 17 №-дээх оскуола эбии дьиэтэ 275 үөрэнээччигэ суоттаммыт. Тутуу бэлэмэ – 24%. Сыбаайаларын түһэрбиттэр, монолитнай конструкциялары тутан таһаара, тас эркинин уонна быыстарын туруора сылдьаллар.
Чайковскай уул. 113-гэр 360 миэстэлээх оскуола тутулла турар. Эбийиэк бэлэмэ – 32%. Манна монолитнай үлэлэри уонна тас эркиннэри дьэндэтэн бүтэрбиттэр. Бастакыттан үһүс этээскэ диэри ис бараанын оҥоруу салҕанар.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу эбийиэктэр «Оҕолорго – бастыҥы барытын» федеральнай бырайыак чэрчитинэн, «Ыччат уонна оҕолор» национальнай бырайыагынан тутуллаллар. 2027 сылга үлэҕэ киирэллэрэ былааннанар.
«Звезднай» түөлбэҕэ сыл бүтүөр диэри хаарбах дьиэттэн көһүөхтээх дьоҥҥо анаан биэс элбэх кыбартыыралаах дьиэни үлэҕэ киллэрии былааннанар. Билигин эбийиэктэри түмүктүүргэ уонна үлэҕэ киллэрэргэ кэккэ боппуруостары быһаараллар.
Манна даҕатан эттэххэ, олорор дьиэлэри сэргэ түөлбэҕэ 990 миэстэлээх оскуола уонна 315 миэстэлээх оҕо уһуйаана тутулла тураллар.
Оскуола тутуутун бэлэмэ – 81,5%. Сүрүнэ бүппүт, ититии холбоммут. Ис бараанын оҥоруу, тас өттүн бүрүйүү, инженернэй систиэмэлэри таҥыы уонна территорияны тупсарыы салҕанар. Оробуочай биригээдэлэр үлэлэрин күүһүрдүү уонна оборудованиеларынан хааччыйыы ирдэнэр.
Оҕо уһуйаанын монолитнай конструкцияларын, эркиннэрин дьэндэтэн, кырыыһатын оҥорон бүтэрбиттэр. Тас өттүн бүрүйүү, түннүктэри уонна инженернэй тиһиктэри таҥыы, ис бараанын оҥоруу ыытыллар.







