15.10.2026 | 15:00 | Просмотров: 113

Дьокуускайга Ефимов уулуссатыгар тутуу үлэтэ түмүктэнэн эрэр

Саҥардыллыбыт эбийиэги алтынньы 30 күнүгэр диэри үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар.
Дьокуускайга Ефимов уулуссатыгар тутуу үлэтэ түмүктэнэн эрэр
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Муниципальнай сакаасчыт «Главстрой» МХТ иһитиннэрбитинэн, билиҥҥи туругунан тутуу бэлэмэ 95 % тэҥнэһэр. Бэлиэтээн эттэххэ, киэҥ далааһыннаах үлэ «Олох инфраструктурата» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытылынна.

Күн бүгүн сатыы дьон сылдьар сирдэригэр хаххалары, гобо-проектордары туруора, тутуу бөҕүн-сыыһын хомуйа сылдьаллар. Суол бүрүөһүнүн аспааллааһын үлэтэ түмүктэммит.

Санатар буоллахха, Ефимов уулуссатыгар суол үлэтэ 2025 сыл муус устар ыйыгар саҕаламмыта. Бу кэм устата тутуу генеральнай бэдэрээтчитэ – «РИК Автодор» АУо үгүс үлэни ыытта:

-  7 миэтэрэ кэтиттээх айан суола оҥоһуллубут;

- сырдатыы үлэтэ – 17 уот тирээбилэ туруоруллубут;

-  уулусса икки өттүнэн ардах уутун аһардар систиэмэ тардыллыбыт;

-  уулуссаҕа сыста турар үс парковка оҥоһуллубут;

- уулусса уҥа өттүгэр 2 миэтэрэ кэтиттээх аспаал-бетон бүрүөһүннээх тротуар тэлгэммит, тротуар билиитэтэ ууруллубут;

- уулусса уҥа өттүгэр 2,5 миэтэрэ кэтиттээх, аспаал-бетон бүрүөһүннээх бэлисипиэт суола;

Түмүктүүр түһүмэҕинэн тупсарыы уонна көҕөрдүү үлэтэ ыытыллар.

1 / 3

Сабыс-саҥа суолунан 203-с түөлбэ олохтоохторо куорат киинигэр табыгастаахтык уонна куттала суох сылдьар буолуохтара. Ону тэҥэ сэргэстэһэ сытар уулуссаларга айан-сырыы биллэ аҕыйыырыгар көмөлөһүөхтээх.

Маны таһынан, Ефимов уулуссатыгар оптуобус тохтобулун туруордулар, уопсастыбаннай тырааныспар сылдьан саҕалыаҕа.

 

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.