03.11.2026 | 10:30 | Просмотров: 92

Дьокуускайга эппиэтинэһэ суох бэдэрээтчити ыстарааптыахтара

«Ремстрой-2008» ХЭТ сири хаһан баран, тротуардары уонна бордюрдары чөлүгэр түһэрбэтэх.
Дьокуускайга эппиэтинэһэ суох бэдэрээтчити ыстарааптыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: ОДьКХ уонна энергетика департамена
Бөлөххө киир

Автодорожнай уокурук олохтоохторун үҥсүүлэринэн ОДьКХ уонна энергетика департаменын исписэлиистэрэ Красильников уул. 9/1 №-дээх дьиэтиттэн 11 №-дээх дьиэҕэ диэри учаастагы тиийэн көрбүттэр. Манна уот ситимин кабельнай линиятын тардыбыттар уонна икки трансформаторнай подстанцияны туруорбуттар.

Бэрэбиэркэ түмүгүнэн бэдэрээтчит үлэ бүппүтүн кэнниттэн бордюрдары уонна бетон бүрүөһүнү чөлүгэр түһэрбэтэҕин быһаарбыттар. Ону таһынан, эбийиэк иһитиннэрэр истиэндэтэ суох эбит.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Административнай быраабы кэһии туһунан кодексатын 6.26 ыст. 1 ч. олоҕурар тустаах матырыйааллары административнай хамыыһыйаҕа тиэрдибиттэр.

ОДьКХ уонна энергетика департаменыгар бэдэрээтчит сири хаһыы үлэтэ бүппүтүн кэнниттэн суол бүрүөһүнүн уонна тупсарыы элеменнэрин тута чөлүгэр түһэрэргэ эбээһинэстээҕин бэлиэтээбиттэр.

«Олохтоохтор кирдээх уонна тротуар алдьаммыт диэн сөпкө үҥсэллэр. Сири хаһан баран, эбиитин кыһын кэлиэн иннинэ, маннык хаалларар табыллыбат», – диэн тоһоҕолоон эппиттэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.