Дьокуускайга АБДь кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин 2022 сыллаахтан үлэлиир
АБДь кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин Олохтоох дьаһалта иһинэн тэриллэн 2022 сыллаахтан үлэлиир. Киини Арассыыйа Дьоруойун Александр Колесов кэргэнэ Туйаара Колесова салайан үлэлэтэр.
Туйаара Колесова Киин бастаан арылларын саҕана үлэһиттэр куорат хас биирдии уокуругун кэрийэн көмөҕө наадыйар дьиэ кэргэттэри булбуттара. Дмитрий Садовников Кииҥҥэ көмө көрдөөн кэлбит дьону кытта кэпсэттэ. Ол курдук , АБДь-тан кэлбит Тамерлан диэн байыас тулаайах буоларын, сокуонунан көрүллэр дьиэтин ылыан баҕарарын кэпсээтэ. Баһылык хайаан да көмөлөһүөх буолла.
Куорат баһылыга Киин үлэһиттэригэр махталын биллэрдэ, кинилэр үлэлэрэ чахчы наадалааҕын уонна туһалааҕын эттэ.
Дьокуускай куораттааҕы АБДь кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин аадарыһа: Курашов уул., 1/1.