07.10.2026 | 10:56 | Просмотров: 70

Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж устудьуоннара өрөмүөннэммит уопсайга киирдилэр

Орто үөрэх кыһаларыгар болҕомто ууруллар. Быйыл үс уопсайга хапытаалынай өрөмүөн түмүктэнэр.
Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж устудьуоннара өрөмүөннэммит уопсайга киирдилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Педколледж уопсайа букатын да ааспыт үйэҕэ, инньэ 1974 сыллаахха, тутуллубут, куорат олохтоохторо, ыалдьыттара да билэр тутуулара буолар. Хас да көлүөнэ ыччат дьон манна олорон, идэ ылан, өрөспүүбүлүкэҕэ билии-көрүү тарҕатааччы, бастыҥ учуутал, иитээччи буолбуттара.  

Ол үгэс өссө да салҕанар буолла. Уопсай дьиэ хапытаалынай өрөмүөнү ааһан, биллэ тубуста. Манна 350 устудьуон олорор кыахтаах. Бу барыта олоххо киирэригэр “Ыччат уонна оҕолор” дойду национальнай бырайыагын “Профессионалитет” федеральнай бырайыак баара бигэ тирэх буолла.

Манна даҕатан эттэххэ,  бу Дьокуускайдааҕы С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай колледж үөрэнэр куорпустара тупсаран оҥоһуллубута. Онон учуутал үрдүк идэтин баһылыахтаах устудьуоннар олорор эрэ усулуобуйалара буолбакка, үөрэнэр, билии сомсор сирдэрэ эмиэ аныгы ирдэбилгэ эппиэттэһэр.

Үөрэх министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн,  үөһэ этиллибит национальнай бырайыак иһинэн быйыл  алта эбийиэк өрөмүөннэнэрэ былааннаммыта. Ол иһигэр устудьуоннар олорор 3 уопсайдара баар. Бастакыта – бэҕэһээ үөрүүлээх аһыллыыта буолбут педколледж уопсайа. Бу ыйга өссө Нерюнгри куоракка үлэлиир Южно-Якутскай технологическай колледж уопсайын өрөмүөнэ бүтүөхтээх. Ону таһынан, өрөспүүбүлүкэ орто үөрэҕин тэрилтэлэрин эмиэ биир бэлиэ кырдьаҕас кыһата – Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун (коллеһын) уопсайа саҥардыллан, тупсан, үлэҕэ киириэҕэ.

* Аҕыйах хонуктааҕыта Ф.С. Гоголев аатынан педколледж устудьуоннара орто үөрэх кыһаларын ортотугар ыытыллыбыт спортивнай күрэххэ хамаандаанан бастакы миэстэни ылбыттара.  Наҕараадаланары туттарыы түгэнин хаартыската.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп