19.10.2026 | 16:00 | Просмотров: 87

Дьокуускайбыт ыт куоратыгар кубулуйбатар ханнык!

Ол эбэтэр, ыты дьэллик ыытыы билигин да элбэх. Ыстараап да тохтоппот чинчилээх.
Дьокуускайбыт ыт куоратыгар кубулуйбатар ханнык!
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Архыыптан
Бөлөххө киир

Бу 2026 сылга үктэниэхтэн Саха сирин үрдүнэн бэйдиэ сылдьар 2700-тэн тахса ыт тутуллубут. Оттон сокуон быһыытынан, хас биирдии тутуллубут ыкка быһыы бэриллэр, чип олордуллар, сылаас аһынан хааччыллар уонна төттөрү булуллубут сиригэр ыытыллар. Оттон ол үбү-харчыны, дьон бириэмэтин ыларын быһаара сатыыр наадата суох. 155 ыты олохтоохтор булан быстах кэм тутар приюттарга тиксэрбиттэр. Ол туһунан Бэтэринээр Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрэр.

Муҥутуур элбэх дьэллик ыт, киһи сөҕүөх, өрөспүүбүлүкэ киин куоратыттан -- Дьокуускайтан булуллар. Быйыл 1172 ыт тутуллубут. Нерюнгрига – 274, Мииринэйгэ - 168, Мэҥэ Хаҥаласка – 167, Өлүөхүмэ  – 105, уоннааҕы оройуоннарга – 100-тэн тахсалыы ыт.

Бу сылга Саха өрөспүүбүлүкэтигэр 5.4 КоАП ыстатыйатыгар олоҕуран, дьиэ кыылын көрүү-харайыы быраабылатын кэспиттэрин иһин,  395 административнай дьыала көбүтүллүбүт. Ол түмүгэр  817 300 солк. ыстараабы төлүүргэ уураахтаммыттар.

РФ КоАП 8.52  ыст., 3 чааһыгар олоҕуран,  ыттара киһини ытыран, дьон доруобуйатын айгыраппытын быһыытынан, уопсайа  840 тыһ. солк. ыстараап төлөтөр туһунан  83 уураах тахсыбыт.

“Ыт – киһи доҕоро” диибит да, ити курдук хаҕыс сыһыаннаахпыт, бэйдиэ ыытан, ыты да, дьону да эрэйгэ тэбэри таһынан, хааһына харчытын кумахха ууну кутардыы матайдыырга күһэйэрбит олус хомолтолоох.

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.