30.10.2026 | 09:55 | Просмотров: 119

Дьокуускай уон иһигэр киирдэ!

Тапталлаах куораппыт Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурус бастакы түһүмэҕин ситиһиилээхтик ааһан, «Молодёжная столица России-2027» диэн ааты ылар иһин күрэххэ уон иһигэр киирдэ.
Дьокуускай уон иһигэр киирдэ!
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Дьокуускайы кытта иккис түһүмэххэ Архангельскай, Улуу Новгород, Иваново, Краснодар, Мурманскай, Нальчик, Сыктывкар, Уфа уонна Ярославль куораттар аастылар.

Аны билигин саҥа, уустук сорук турар. Сэтинньи 10 күнүгэр диэри номинаннар «Сайаапка кинигэтин» – дьоһун докумуону бэлэмниэхтээхтэр. Онно куорат сүрүн өрүттэрин көрдөрүөхтээхтэр: устудьуон инфраструктуратын сайдыытын, айар эйгэ тиийимтиэтин, ыччат көҕүлээһиннэрин ахсаанын уонна хаачыстыбатын, ону тэҥэ ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар төрүт үгэстэри харыстааһыҥҥа олоҕурбут култуурабыт уратытын.

Дьүүллүүр сүбэ аҥаардас тиэкис ис хоһоонун эрэ буолбакка, хас биирдии кыттааччы медийнэй стратегиятын эмиэ сыаналыаҕа. Ол түмүгүнэн сэтинньи 10 күнүгэр биэс куорат финалга тахсыаҕа, салгыы күрэстэһэр чиэскэ тиксиэҕэ.

Куонкурус кыайыылааҕа 2027 сыл устата ыччат киин куоратын аатын сүгэр. Ити федеральнай өйөбүлгэ, киэҥ далааһыннаах грант бырагыраамаларыгар, бэйэ сиригэр-уотугар ыччат бөдөҥ форумнарын ыытыыга, ону тэҥэ дойду араас муннуктарыттан эдэр исписэлиистэр уонна туристар кэлиилэригэр улахан кыаҕы арыйыаҕа.

Бу федеральнай таһымҥа Дьокуускай аатын ааттатыы эрэ буолбакка, куорат эйгэтин сайыннарыыга уонна олохтоох талааннары өйөөһүҥҥэ саҥа ресурсалары тардарга кыах биэрэр.

 

#Якутск #МолодежнаяСтолица #Росмолодежь

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп