02.11.2026 | 15:55 | Просмотров: 84

Дьокуускай суолларыгар турар камера сыллата эбиллэр

Ол түмүгэр суол быраабылатын кэспиттэр, массыына курун иилиммэтэхтэр, айаннаан иһэн төлөпүөнүнэн кэпсэппиттэр ыстарааптаныылара да элбиир.
Дьокуускай суолларыгар турар камера сыллата эбиллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Чуолаан сайыҥҥы кэмҥэ ыстыраап киириитэ биллэ эбиллэр. Ол курдук, суукка иһигэр ыстыраап 8000-ҕэ тиийэр эбит. Кыһынын итинтэн аҕыйыыр.

Холобур, күөх уот тыган турдаҕына стип-лииньийэни үктээн баран, кыайан салайымына хааллахха, харыс сири сыҕарыйбат, кэннинэн барбат куолу. Оччотугар ыстыраап ааҕыллыбат. Сыҕарыйдыҥ да, ыстарааптанарга тиийэҕин.

Камера биидьийэтин, хаартыскатын ГИБДД хас да үлэһитэ көрөн баран, камера устуута төһө сөбүн көрөллөр, дьэ, ол кэнниттэн ыстыраап биирдэ суруллар. Сороҕор устуу хаачыстыбата мөлтөх буоллаҕына, хос-хос сыныйан көрүү ирдэнэр.
 

Сорохтор массыыналарын нүөмэрин соруйан бүөлээбит буолаллар. Билигин ыарахан уйуктаах массыыналары көрөргө Оҥоһуу Өй туттуллар, онон атын камералар ханна эрэ атын суолга туһааннаах массыынаны устубуттарын тиһик бэрт түргэнник була охсон, нүөмэр кэбэҕэстик быһаарыллар. Онон ыарахан уйуктаах массыыналар куорат иһинэн сылдьыа суохтаах сиригэр айанныыллара судургутук уодьуганнанар буолла.

Олоххо араас буолар, сыыһа-халты да түһэрии түмүгэр ананыа суохтаах ыстыраап кэлбит дии саныыр буоллахха, ол ыстырааптаммыт күн кэнниттэн 10 күн иһинэн онлайн суруйан утарсыахха сөп эбэтэр сылдьар эрэгийиэҥҥит ГИБДДтын салаатыгар сирэй тиийэн быһаарсар, чопчулаһар бырааптааххыт. Өскөтүн ончу сибээһэ суох сиргэ сылдьыбыт буоллаххытына эмиэ ол туһунан биллэриэххитин, быһаарсыаххытын сөп. 

Манна даҕатан эттэххэ, массыына атыылаһан баран, бэйэ аатыгар суруйтарбакка сылдьар дьон эмиэ баар буолар. Тимир көлө хаһаайына учуоттан тута
уһултарар. Оттон эн учуокка туруора илик буоллаххына, массыына тута көрдөбүл систиэмэтигэр киирэн хаалар. Оччотугар бэрдэ суох балаһыанньаҕа түбэһиэххэ, суолга тохтотуохтарын, бириэмэҕин ылыахтарын сөп. Онон учуокка туруоруу болдьоҕун аһарбаккыт ордук.

Аны, камераларбыт да кыахтара, кыамталара тупсар. Ханна камералар туралларын билэргэ бу сигэ туһалыа.  https://госавтоинспекция.рф/r/14/milestones/?page=1

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп