26.10.2026 | 14:41 | Просмотров: 97

Дьокуускай Саталыгар 11 саастаах оҕону массыына эчэппит түбэлтэтин чопчулаатылар

Иллэрээ күн, алтынньы 24 күнүгэр, Сатал түөлбэҕэ оскуола оҕото эчэйбит этэ.
Дьокуускай Саталыгар 11 саастаах оҕону массыына эчэппит түбэлтэтин чопчулаатылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Судаарыстыбаннай автоинспекция Саха сиринээҕи салаата биллэрбитинэн, быһылаан Родниковскай суолга тахсыбыт. 61 саастаах суоппар  Toyota Allion массыынатынан ити суолунан Севастьянскай уулусса диэки айаннаан испит. Кини уулусса 36 нүөмэрдээх дьиэтин туһаайыытыгар тиийиитигэр сатыы киһи туоруура көҥүллэммэт сиринэн туораан иһэр оскуола үөрэнээччитин өйдөөн көрбөккө хаалан, түҥнэри көппүт. Оҕо барахсан ол түмүгэр эчэйэн, балыыһаҕа киирбит.

Госавтоинспекция тимир көлөлөөхтөрү суолга олус сэрэхтээхтик айанныырга, төрөппүттэр оҕолоргутугар сатыы киһи туоруура көҥүллэммэт сиринэн туоруур кутталлааҕын сэрэтэргитигэр, сүбэлииргитигэр ыҥырар. Кыратык быһалаары олох курдук күндү баайтан матар, эт-сиин эчэйиитин ылар хобдоҕун умнумуохха.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп