14.10.2026 | 15:30 | Просмотров: 93

Дьокуускай саҥа SMART-поликлиникатыгар 264 тыһ. көрдөрүү бэлиэтэммит

Ол туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Дьокуускай саҥа SMART-поликлиникатыгар 264 тыһ.  көрдөрүү бэлиэтэммит
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: АГиП пресс сулууспатын тиксэриитэ
Бөлөххө киир

Былырыын сэтинньи ыйга Дьокуускайга, өрөспүүбүлүкэ киин куоратын 2-дээх балыыһатын саҥа SMART-поликлиниката үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыта.

Бу маннык таһымнаах мэдиссиинэ саҥа тэрилтэтэ биһиги эрэгийиэҥҥэ аан бастакытын баар буолуута. “Уһун уонна көхтөөх олох” национальнай бырайыак чэрчитинэн доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх тэрилтэтин тупсаран оҥоруу быһыытынан олоххо киирбитэ.

“Күн бүгүн Саха сирин үрдүнэн муҥутуур улахан поликлиниканан билиниллэр. Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир тэриллэринэн толору хааччыллыбыта” – диир миниистир бастакы солбуйааччыта  Дмитрий Сергин.Министиэристибэ поликлиника пациеннарын аатыттан Алёна Кривошапкина санаатын бу курдук тиэрдэр: “Саҥа поликлиника баар буолан, мэдиссиинэ көмөтүн туһанар судургутуйда уонна үрдүк технология туһаныллар буолла. Киһи көрдөрүнэригэр олус табыгастаах.  Барыта биир сиргэ баара олус үчүгэй, хас да куорпуһу кэрийэр сатыыр кыһалҕа суох. Тутуу  иһэ сырдык, киэҥ-куоҥ, ыраас, аныгы кэм мэдиссиинэтин оборудованиедара тураллар. Маннык усулуобуйаҕа бырааска көрдөрүнүү саныырга да астык. Чинчийиини ааһарга, эмтэнэргэ сөптөөх усулуобуйа оҥоһуллубут”.

 

Истэ, билэ илик дьоҥҥо быһаарар буоллахха, бу хайҕаллаах поликлиника куорат Гагарин уокуругар турар. Симиэнэҕэ 300 көрдөрүнүү ыытылларыгар суоттаммыт тутуу. Бу иннинээҕи балыыһа аныгы доруобуйа харыстабылын иннигэр эппиэттэспэт этэ. Ил Дархан бу поликлиниканы тутар туһунан быһаарыыны, куораты сайыннарыы чэрчитинэн, 2019 сыллаахха ылыммыта.

SMART-поликлиника 9 тыһ. кэриҥэ кв м иэннээх тутуутугар Дьахтар консультацията, күнүскү стационар, диагностикалыыр уонна терапевт отделениелара, лучевой диагностика хоһо, доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр салаа, клиникалаах -диагностикалыыр лаборатория, суһал көмөнү оҥорор кэбиниэт, стоматология кэбиниэттэрэ бааллар. Поликлиникаҕа, биллэн турар, аныгы МРТ, КТ, эспиэр кылаастаах цифровой УЗИ аппарааттара, ретген, эндоскопия, маммограф, ФЛГ тэриллэрэ  туттуллаллар.

SMART-поликлиниканы «ВИС» бөлөх өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кытта түһэрсибит дуогабарыгар олоҕуран, судаарыстыба чааһынай кыттыгастаах тутуутун быһыытынан, бүддьүөт тас өттүттэн үбүлээһиннээх туппута. Иэһи биэрээччи уонна мэктиэһит Газпромбаан буолбута. Тутуу үбүлээһинин 60-ча бырыһыанын ити курдук баар буолбута. Ол эбэтэр итиччэ бырыһыан үбүлээһинэ – кирэдьиит.

Доруобуйа харыстабылын  бастакы сүһүөх тэрилтэлэрин тупсарар “Доруобуйа харыстабыла” уонна “Уһун уонна көхтөөх олох” национальнай бырайыактар чэрчилэринэн, Саха сиригэр кэнники уон сылга 100-тэн тахса саҥа эбийиэк тутуллан, үлэҕэ киирбитин санаппыттар. Ол иһигэр -- Бүлүүгэ, Ытык Күөлгэ, Чурапчыга, Уус Майаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Аллараа Бэстээххэ, Аммаҕа, Сангаарга уонна Намҥа.

 

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.