Дьокуускай куорат устуоруйатын кэпсиир быыстапканы сэргээҥ
Экспозиция XVIII үйэ бүтүүтүттэн XX үйэ ортотугар диэри кэми хабар. Архыып хаартыскалара, куорат генеральнай былааннара уонна тутуу бырайыактара тапталлаах Дьокуускайбыт архитектурата кэм-кэрдии хаамыытынан уларыйан испитин көрдөрөр.
Хаартыскалар куораппыт төлкөтө түстэммит сүрүн түһүмэхтэрин сэһэргииллэр.
Экспозиция үс кэрдиискэ арахсар:
- Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи эбийиэктэр;
- Ыраахтааҕы саҕанааҕы уонна сэбиэскэй кэм – өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн тутуллубут уонна уларытыллыбыт дьиэлэр;
- Сэбиэскэй кэм.
Быыстапка аһыллыытын чэрчитинэн Дьокуускай куорат Генеральнай былаанын дьүүллэһии буолла. Кэпсэтиигэ идэлээх дьон уонна Дьокуускай куорат баһылыга Дмитрий Садовников кытыннылар. Кинилэр куорат эйгэтин, архитектурнай көстүүтүн уонна сайдыытын ырыттылар.

Быыстапкаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы История уонна култуура пааматынньыктарын харыстыыр уопсастыба Дьокуускайдааҕы салаатын чилиэннэрэ – кыраайы үөрэтээччилэр Александр Дьяконов уонна Евгений Тапыев тус архыыптарыттан матырыйааллар дьоһун миэстэни ылаллар.
Устуоруйа хаартыскалара Дьокуускай уруккутун-хойуккутун эрэ буолбакка, ааспыт уонна аныгы кэм ситимин кэтээн көрөр кыаҕы биэрэллэр.
Быыстапка алтынньы 5-19 күннэригэр үлэлиэҕэ.
Тэрийээччилэр:
- М.К. Аммосов аатынан ХИФУ;
- Бүтүн Арассыыйатааҕы История уонна култуура пааматынньыктарын харыстыыр уопсастыба Дьокуускайдааҕы салаата;
- Саха сирин Архитектордарын сойууһа.




