Дьокуускай-Аллараа Бэстээх: сарсыҥҥыттан салгын олбохтоох суудуналарга тарыып үрдүүр
Сарсыҥҥыттан айан төлөбүрэ биэс тыһыынча солкуобайга диэри үрдүөҕэ. Пассажирдары арыыга тиийэн көһөрүү, икки суудунанан – "хивустарынан" уонна аэроботтарынан тиэйии тэриллиэҕэ. Маннык уон күн устата буолара сабаҕаланар, ол өрүскэ быһыы-майгы хайдаҕыттан тутулуктаах, уларыйыан сөп. Бу туһунан «Ленаводсервис» хампаанньа салайааччыта Борис Строев иһитиннэрдэ.
«Өрүскэ быһыы-майгы уустугурбутунан тарыып үрдүүр. Сарсыҥҥыттан биир хайысхаҕа айан төлөбүрэ 5 000 солкуобай буолуоҕа. Арыыга сибээс мөлтүүрэ уонна интэриниэт суох буолара күүтүллэр. Мобильнай сыһыарыынан уонна каартанан төлүүр табыллыа суоҕа. Пассажирдар айан төлөбүрүн уу харчынан эрэ төлүөхтээхтэр», – диэтэ Борис Строев.
Бэлиэтээн эттэххэ, салгын олбохтоох суудуналар маршруттара уларыйбат, оннунан хаалар: Аллараа Бэстээххэ диэри 204-с түөлбэҕэ баар «Намыв» ыстаансыйаттан сылдьыахтара.