Дьокуускай – Аллараа Бэстээх: паромнар хаһааҥҥа диэри сылдьыахтарай?
«Эхо столицы» эрэдээксийэтэ «Саха сирин паромнара» ХЭТ дириэктэрэ Николай Ефимовтан паромнар хаһааҥҥа диэри сылдьыахтарын, тарыып төһө үрдүүрүн ыйыталаста.
Күн-дьыл хайдаҕыттан көрөн, паром ахсаана 13-тэн 3-кэ диэри сыыйа-баайа аҕыйыаҕа – мууһунан сылдьар кылаастаах суудуналар эрэ хаалыахтара. Маннык быыһык кэмҥэ пассажирдары тиэйии барыллаан алтынньы бүтүөр диэри салҕаныа, ол кэнниттэн линияҕа «ЛОРП» ПАУо мууһу алдьатар флотунан тахсыаҕа.
Тарыып алтынньы 18 күнүттэн – Дьокуускайга навигация официальнайдык сабыллар күнүттэн үрдүөҕэ. Билигин чэпчэки уйуктаах массыынаны тиэйии 1,5 тыһ. солк. 2,5 тыһыынча солкуобайга диэри эбит буоллаҕына, ити күнтэн тарыып 5 тыһ. солк. 15 тыһыынча солкуобайга диэри халбаҥныаҕа.
Навигация сабыллыбытын кэннэ ыарахан уйуктаах тырааныспары тиэйии 100 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ, оттон «ЛОРП» ПАУо флотун линияҕа таһаардаҕына, 420 тыһыынча солкуобайга тиийэ үрдүөҕэ.