28.10.2026 | 14:30 | Просмотров: 84

Дьокуускай 400 сылыгар хаартысканан альбом таһаарар былааннаахтар

Маннык этиини суруйааччы уонна Арассыыйа Хаартысканан дьүһүйэр худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Алексей Зуев киллэрдэ.
Дьокуускай 400 сылыгар хаартысканан альбом таһаарар былааннаахтар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата
Бөлөххө киир

Куорат аҕа баһылыга Дмитрий Садовников суруйааччы уонна Арассыыйа Хаартысканан дьүһүйэр худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Алексей Зуевы кытта көрүстэ. Кинилэр куорат 400 сылыгар анаммыт хаартысканан альбом таһаарар туһунан идиэйэни ырыттылар.

Алексей Зуев хаартыскаҕа түһэрэр дьарыктаах дьиэ кэргэнин туһунан кэпсээтэ. Кини баай архыыбыгар 1903 сыллаахха эһэтэ Е. М. Зуев «Якуцкая крепость» диэн хаартыската баар. Эһэтин хаартысканан нэһилиэстибэтин сорҕото Австралия биир түмэлигэр харалла сытар.

Алексей Зуев бэйэтэ үгүс сыл устата инженердээбитэ, Дьокуускайы уонна куорат таһынааҕы сирдэри бырайыактааһыҥҥа кыттыбыта. Ону таһынан кини Дьокуускайга, Өлүөнэ эбэҕэ, айылҕаҕа уонна Арассыыйа куораттарыгар анаммыт 12 кыраайы үөрэтэр хаартысканан альбому таһаарбыта. Кини үлэлэрэ Арассыыйатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах быыстапкаларга киэҥ биһирэбили ылбыттара.

Көрсүһүүгэ ааптар баһылыкка саҥа таһаарыы туһунан этии киллэрдэ. Кини этэринэн, куорат үбүлүөйүгэр альбомҥа киириэн сөптөөх хаартысканан элбэх матырыйаал мунньуллубут.

Альбомҥа устуоруйа хаартыскалара, Дьокуускай аныгы көстүүлэрэ уонна дьиэ кэргэн архыыбыттан сэдэх хаартыскалар киириэхтэрэ диэн сабаҕаланар.

Салгыы  ис хоһоонун уонна тэрээһин боппуруостарын быһаарыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп