Дмитрий Садовников оптуобустар үлэлэрин бэрэбиэркэлээтэ
Киин куорат баһылыга Дмитрий Садовников уонна суол-иис, тырааныспар, тутуу политикатын боппуруостарыгар солбуйааччыта Алексей Гарагуля “ЯПАК” муниципальнай унитарнай тэрилтэ үлэһиттэрин кытта көрүстэ.
Көрсүһүүгэ Суол, тырааныспар департаменын салайааччы Эдуард Садовников билиҥҥи балаһыанньаны билиһиннэрдэ.
Куорат олохтооҕо элбээтэ, машруттар уһаатылар
Нэһилиэньэ ахсаана сыллата эбиллэринэн, куорат кэҥии турарынан оптуобустар маршруттарын ситимнэрэ уһуурга, тэнийэргэ эрэ барар. Ол курдук, кэнники 30 сыл сыыппараларын ылан көрөр эбит буоллахха, оптуобустар маршруттарын уһуна 5-12 килэмиэтиртэн 20-27 км буолбут. Сорох маршруттар 5 төгүл уһаан биэрбиттэр. Онон суоппар уонна оптуобус ахсаана эбиллэр. ЯПАК уонна чааһынай урбааньыттар оптуобустары үлэлэтэр ороскуоттара элбиир эрэ.
Кыһалҕаттан тахсар суоллар
2023 сыллаахха саҥа маршруттары толкуйдуурга анаан научнай чинчийилэр ыытыллыбыттара. Чинчийиилэри Москваттан сакаастаммыт тутулуга суох институт ыыппыта. Бырайыак куорат сайдыытын маастар-былааныгар киллэриллибитэ.
Чинчийии кэмигэр Олохтоох дьаһалта уонна оптуобус маршруттарын үлэлэтээччилэр баар балаһыанньаны ырытан көрөн баран, саҥа тутуллар кыбаарталлары хабар сыаллаах, саҥа маршруттар ситимнэрэ олохтоммута.
Ыытыллар үлэ сүрүн соруга
- пассажирдары тиэйиини хайысхаларынан (хоту, соҕуруу) араарыы – Медкиин уонна “Белое озеро” диэки хайысхалар, онно икки тиһэх тохтобуллары, оптуобустан оптуобуска олорсор пууну тэрийии;
- маршруттар саҥа тииптэрин оҥоруу: магистральнай уонна тиксэрэн биэрэр (подвозной);
- куорат иһинэн баар маршруттары кылгатыы, инньэ гынан оптуобус кэтэһэр бириэмэни аччатыы;
- Дьокуускай маршруттарын схематын барытын уларытыы;
- хантыраактары түһэрсии ньыматын уларытыы;
- оптуобус пааркатын саҥардыы;
Билиҥҥитэ үлэ бастакы түһүмэҕэ ааста. Маршруттар лоттарга холбонон үллэриллэн тураллар. Наада буоллаҕына оптуобустары маршруттан маршрутка быраҕан, аттаран биэрэр кыах баар.
210 саҥа оптуобус кэлбит, өссө 173 оптуобус саҥардыллыахтаах.
Иккис түһүмэх
Маршруттары саҥардыыга киирдилэр:
- “Хоту” уонна “Соҕуруу” икки пуун тэриллиэхтээх;
- 173 саҥа оптуобус кэлиэхтээх;
- магистральнай уонна тиксэрэн биэрэр тииптээх маршруттар олохтонуохтара;
- маршруттары субсидиялааһын ньымата тобуллуоҕа.