10.10.2026 | 11:15 | Просмотров: 112

Дмитрий Садовников куораты уматыгынан хааччыйыы туһунан Виктор Лебедевтиин көрсөн кэпсэттэ

Киин куорат баһылыга “Саханефтегазсбыт” АУо генеральнай дириэктэрэ Виктор Лебедевтиин Дьокуускайга ньиэп бородууксуйатын тиэйэн аҕалыы тиһиктээх үлэтин туһунан кэпсэттилэр.
Дмитрий Садовников куораты уматыгынан хааччыйыы туһунан Виктор Лебедевтиин көрсөн кэпсэттэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сүрүн сорук – Дьокуускайы күһүҥҥү-кыһыҥҥы дьыл уларыйыытын кэмигэр, өрүс сабыллыан иннинэ наадалаах уматыгынан хааччыйыы буолар.

Бу күннэргэ Аллараа Бэстээххэ 9103 туонна уматык айаннаан кэлиэхтээх: АИ-92 бэнсиин, АИ-95 бэнсиин, сэлээркэ. Бачча кээмэйдээх уматык куорат наадатыгар тиийиэхтээх. Билигин уматыгы өрүс уҥуортан улахан массыыналарынан Дьокуускай нефтебазатыгар таһаллар.

“Саханефтегазсбыт” заправкаларыгар быстах кэмҥэ  уматыгы хааччахтаах биэрии бэрээдэгэ олохтонон турар. Биирдэ куттууга 20 л. бэриллэр. 51-с нүөмэрдээх АЗС-ка нуорманы 30 л. диэри улаатыннардылар.

Куорат сулууспаларын тырааныспара анал заправкаларга уматык каартатынан бэнсиин куттар, кинилэргэ уочарат суох, тырааныспар ыстаатынай эрэсииминэн үлэлиир. Куорат хаһаайыстыбатын үлэтэ уматык кыһалҕатыттан харгыстаммат.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
Тускар туһан | 09.11.2026 | 17:30
Убаһа суоракатынан (мэйиитинэн) эмтэнии
2001 сыллаахха улаханнык бааһырдым, аллергия да эбиилэстэ быһыылаах. Этим-тириим дарбайан, иһэн, умайан-аһыйан, субу-субу хастанан түһэр, кыһыйара өссө ама, этим умайара сүрдээх, тириим олох итиигэ буспут курдук аһыйар.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Дьукаах
Сонуннар | 10.11.2026 | 19:30
Дьукаах
Олоххо буолбут түбэлтэ.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп