Дмитрий Садовников Дьокуускай куорат спортивнай тустууга федерациятын бэрэсидьиэнинэн талылынна
Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара биир санаанан Дьокуускай куорат баһылыга Дмитрий Садовниковы таллылар. Ону тэҥэ солбуйааччыларын уонна атын дуоһунастарга аһаҕас куоластааһын түмүгүнэн салайааччылары быһаардылар. Киин куоракка көҥүл тустуу сайдыытыгар инники соруктары туруордулар.
“Айсен Сергеевич Николаев куорат баһылыга эрдэҕинэ мин бу тэриллиигэ салайааччы солбуйааччытынан бэриниилээхтик үлэлээбитим. Бэйэм тустуунан дьарыктамматаҕым да буоллар, миэхэ бу спорт көрүҥэ чугас – аҕам тустуунан олус үлүһүйэр этэ”, – диэтэ баһылык МАХ ханаалыгар.
Дмитрий Садовников киин куоракка уонна куорат таһыгар спорт сиэксийэлэрин кэҥэтиигэ ураты болҕомтону уурарга ыҥырда. Кини этэринэн, маннык быһаарыы федерация үлэтин тутаах хайысхаларыттан биирдэстэрэ буолуохтаах.
Маны сэргэ, куорат баһылыга Тулагы Киллэм нэһилиэгэр спорт интэринээт-оскуолатын тэрийэр туһунан көҕүлээһиҥҥэ уонна ону олоххо киллэриигэ болҕомтону туһаайда.

Кэмпириэнсийэ бүтүүтэ Дмитрий Садовников Японияҕа көҥүл тустууга Азия оонньууларын боруонса призера буолан кэлбит Айаал Белолюбскайы норуоттар икки ардыларынааҕы улахан түһүлгэҕэ ситиһиилээхтик кыттыбытынан эҕэрдэлээтэ.
“Бу маннык чаҕылхай ситиһиилэр, Дьокуускай куораты уонна Саха сирин ааттатар кыайыылар элбии туралларын туһугар биһиги өссө күүскэ үлэлиэх тустаахпыт. Сылбыт ситиһиилээх, таһаарыылаах буоллун! Өссө төгүл махтанабын!” – диэтэ федерация саҥа талыллыбыт бэрэсидьиэнэ.