Дизайн-код: дьаһалта сааһылыыр бырааптааҕын суутунан дакаастаата
Бу барыта дизайн-код диэн өйдөбүлү киллэрии түмүгэ буолар. Дизайн-код – тэрилтэлэр, маҕаһыыннар иннилэригэр туруоруллар биир кэлим ирдэбил.
Ол эрэн биир урбаанньыт (ИП Матейчик А.И.) Олохтоох дьаһалта тас көстүүнү ирдиэ суохтаах этэ дии санаан, суукка үҥсүү түһэрбит. Үҥсүү-харсыы, быһаарсыы суукка өр көрүллүбүт, суут инстанцияларын барытын ааспыт.
Балаҕан ыйын 28 күнүгэр СӨ Үрдүкү суута бүтэһиктээх быһаарыыны таһаарбыт. Суут быһаарбытынан:
- Дьокуускай куорат дьаһалтата сокуоҥҥа олоҕуран дьаһайбыт.
- Вывескалары ыйыыр ирдэбиллэр (дизайн-код) быраабылаларга олоҕуран киирбиттэр.
- Урбаанньыт бырааба ханна да күөмчүлэммэтэх.
Иск киллэрээччи үҥсүүтэ аһардыллыбатах, суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирбит.
“Олохтоох дьаһалта сөпкө дьаһайарын СӨ Үрдүкү суута бигэргэппитэ үчүгэй. Бу биһиги үлэбит үтүө түмүгэ. Салгыы дизайн-коду олоххо киллэрэр үлэбитин ыытыахпыт”, - диэтэ Архитектура департаменын Куорат эйгэтин салаатын начаалынньыга Егор Чемезов.
2022 с. атырдьах ыйын 29 к. киирбит 256п №-дээх уураах салгыы үлэлиир. Кафелар, маҕаһыыннар, офистар маннык барыыбаланы тутуһуохтаахтар:
- вывескалар түннүгү, дьиэ архитектурнай көстүүтүн бүөлүө суохтаахтар;
- баннернай матырыйаалы туттар көҥүллэммэт;
Вывескаҕыт быраабылаҕа сөп түбэспэт буоллаҕына, саҥардар кэм уолдьаспыт. Биир кэлим моһуоннаах фасад оҥостуу – бэйэ дьыалатын үлэлэтэр куораккытыгар ытыктабыллаах сыһыан бэлиэтэ.