05.11.2026 | 15:30 | Просмотров: 121

Дьиэтин-уотун куортамнааччы билэрэ наада

Барыта сокуон иһинэн буоларын курдук, дьиэтин арендалааччы киһи нолуок сулууспатыгар бэйэ дьарыктаах быһыытынан учуокка туруохтаах.
Дьиэтин-уотун куортамнааччы билэрэ наада
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу Өй
Бөлөххө киир

Оччотугар сокуону да кэһии тахсыбат, нолуога да чэпчэтиилээх буолар. Ол эрээри өрүү оннук буолбатах. Маны умнумуохха. Нолуок кээмэйэ арендаттан киирэр дохуот  сууматыттан, тугу арендаҕа биэрэртэн тутулуктанар.

Итинник чэпчэтиилээх нолуок  (син эмиэ атыыга курдук, кэтэх дьоҥҥо уларсар буоллахха, дохуот 4 % төлөнөр, оттон тэрилтэҕэ буоллаҕына – 6 %) гражданин дьиэни-уоту (хоһу, кыбартыыраны, кэтэх дьиэни) куортамныыр түгэнигэр табыллар.

Оттон гражданин апартамены, эргиэн-урбаан дьиэтин, итинтэн да дьон олороругар анамматах тутуулары, сир учаастагын уларсан харчылаһар буоллаҕына, нолуок атын көрүҥүн төлөһөр буолар.

Дьиэ, кыбартыыра куортамыттан киирэр дохуот сыл устата 2,4 мөл. солк. тахсыбат буоллаҕына эрэ, ити үөһэ этиллэр чэпчэтиилээх нолуок кыаллар.

Оттон ити этиллэр лимиит үбэ таһынан тахсар буоллаҕына, ол ордор сууматын  гражданин НДФЛ кээмэйинэн (дохуот 13 %) биитэр тэрилтэ көрүҥүттэн тутулуктанан (ИП эбэтэр ХЭУо) атын нолуогу төлүүрүгэр тиийэр.   

Сонуннар

10.11.2026 | 19:30
Дьукаах

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.