07.10.2026 | 10:00 | Просмотров: 94

Дьиэ кыылларын регистрациялааһын уонна босхо вакцинация ыытыллар

Алтынньы 8-9 күннэригэр Дьокуускайдааҕы ветеринария управлениета дьиэ кыылларын регистрациялааһын уонна вакцинация аахсыйатын ыытар.
Дьиэ кыылларын регистрациялааһын уонна босхо вакцинация ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир

Үлэлиир кэмнэрэ: 10:00-16:00 ч.

Аадырыстара:

- Сайсары уокуруга, Чехов уул., 66 (ветлечебница)

- Строительнай уокурук, Клара Цеткин уул., 2А.

- Октябрьскай уокурук, Ленин пр., 46.

- Киин уокурук, Ярославскай уул., 17.

- Губинскай уокурук, Богатырев уул., 11.

- Промышленнай уокурук, Сэюбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул., 33.

- Автодорожнай уокурук, Речевой оскуола таһыгар (Ветеринария управлениетын массыыната туруоҕа).

- Сатал (Ветеринария управлениетын массыыната туруоҕа).

Маны тэҥэ аахсыйа Хатаска (Ойуунускай уул., 4/1, Ветучаастак), Мархаҕа (Советская уул., 38, Ветучаастак), Тулагы-Киллэмҥэ (Совхозная уул., 2/1, Ветпункт) ыытыллыаҕа.

Дьиэ кыылларын “Все звери” ситимҥэ регистрациялыырга хаһаайын дааннайа (толору аата-суола, аадырыһа, электроннай почтата, төлөпүөнэ) уонна кыыл туһунан информация (аата, боруодата, сааһа, быһыы ылбытын туһунан бэлиэтээһиннэр) наада буолар.

Санатан эттэххэ, 2026 сылтан Саха сиригэр ыттары булгуччулаах регистрациялааһын ирдэнэр. Регистрацияны ааспатахха 5000 солк. диэри ыстарааптаныахха сөп.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.