14.04.2026 | 15:57 | Просмотров: 126

Дьиэ кэргэн төлөбүрүгэр быраабы дохуоттан тутулуга суох аныыры туруорсаллар

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ нолуок төлөбүрүн ылыы туһунан биһиги суруйан турабыт.
Дьиэ кэргэн төлөбүрүгэр быраабы дохуоттан тутулуга суох аныыры туруорсаллар
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: Оҥоһуу өй
Бөлөххө киир

Элбэх оҕолоох төрөппүттэр НДФЛ-ы 13%-тан 6%-ҥа диэри намтатар дьиэ кэргэн нолуогун төлөбүрүн дохуоттарын таһымыттан тутулуга суох бары ылыахтаахтар. Итинник санааны ТАСС-ка РФ Уопсастыбаннай палаататын сэкирэтээрин солбуйааччы Владислав Гриб эттэ.

2026 сылтан икки уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар киһиэхэ ортотунан 1,5 эрэгийиэннээҕи олох алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаахтар ааспыт сылга төлөнөр дохуот нолуогун 13%-тэн 7% -нын төннөрөр быраабы ылаллар.

“Бу нолуок вычетын критерийдэриттэн дууһаҕа орто эрэгийиэннээҕи дохуоту ылан кэбиһэргэ этии баар. Биһиги элбэх оҕолоох ыаллар үрдүк хамнастаналларын көҕүлүөхтээхпит, кистиир усулуобуйалары тэрийиэ суохтаахпыт. НДФЛ 6% түмүк ыстаапката дохуотуттан тутулуга суох элбэх оҕолоох ыалларга барыларыгар баар буолуохтаах”, - диэтэ Гриб.

Кини элбэх оҕолоох төрөппүттэргэ эмиэ бэйэни үлэнэн хааччыйааччыларга (самозанятые) дохуот нолуогун билиҥҥи 4-6%-тан 2%-ҥа диэри намтатыахха наада диэн бэлиэтээтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.