22.04.2022 | 11:00 | Просмотров: 736

Дьиэ кэргэн хапытаалыттан – 30 тыһыынча

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Элбэх оҕолоох ыаллар Саха сиригэр бэриллэр “Дьиэ кэргэн” хапытаалын сууматыттан 30 тыһ. солкуобайы устуохтарын сөп буолла. Маны көҥүллүүр сокуону, кириисиһи аһарынарга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ көмө быһыытынан, Ил Түмэн мунньаҕар оптуорунньукка ылыннылар.

Биирдэ бэриллэр көмөнөн Дьиэ кэргэн хапытаалын 2022 сыл ахсынньы  31 күнүгэр диэри ылбыт, үһүс оҕолорун төрөппүт ыал туһанар. Бу көмөнөн туһаннахха, хапытаал уопсай сууматыттан 30 тыһ. солк. көҕүрүүр, ол аата бэйэҕит харчыгытыттан көҕүрэтэҕит. Маннык быһыылаах өйөбүл иккис оҕоҕо бэриллэр Ийэ хапытаалыгар кытта баара.

 

Статистика чахчытынан, Саха сирэ Уһук Илин региоҥҥа оҕо төрөөһүнүнэн бастакы миэстэҕэ иһэр. 2022 сыл бастакы үс ыйыгар Саха сиригэр 2611 оҕо күн сирин көрбүт.

Быйыл төрөөбүт хас биирдии оҕоҕо Саха АССР 100 сылын көрсө «Үйэ оҕолоро» диэн 100 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх тус сыаллаах хапытаал бэриллэр.

 

Көмө харчыны туһанарга социальнай харысхал управлениетыгар тиийэн эбэтэр МФЦ нөҥүө оҥортороҕут, электроннай ньыманан сайаапканы тутуу эмиэ баар буолара күүтүллэр. Харчы сайабылыанньа суруйбут киһи счетугар түһэр.

Санатан эттэххэ, 2022 сылга Дьиэ кэргэн хапытаалын суумата, индексацияны ааһан, 144 467 солк. тэҥнэһэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...