12.10.2026 | 19:10 | Просмотров: 174

Дьиҥнээх мүөтү быһаарар судургу ньымалар

«Киин куорат» кэрэспэдьиэнэ Владивостоктан кэлбит мүөтү тургутан көрдө.
Дьиҥнээх мүөтү быһаарар судургу ньымалар
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Хаартыска: Ааптар түһэриилэрэ
Бөлөххө киир

Дьиҥнээх мүөтү быһаарар судургу ньымалар:

1. Дьиҥнээх мүөт үөһэттэн буолбакка, аллараттан саахарданар.

2. Бэгэччэккэ таммалаттахха, сүүрэн хаалбат.

3. Бытыылкаҕа кутуллубут мүөтү тиэрэ туттахха, икки хабах тахсар – бастаан биир улахан, онтон – кыра. Оттон бааҥкалааҕы (лиитирэлээх эбэтэр үстүү лиитирэлээх) эргиттэххэ, биир хабах тахсыахтаах. Өскөтүн кыра-кыра хабахтар тахсар буоллахтарына – сымыйа мүөт.

4. Бытааннык тыккыраттахха, синньигэстик сыыйыллан сүүрэр, быстыбат.

5. Тэриэлкэҕэ кыратык мүөтү сүүрдэн баран, үрдүгэр тымныы ууну куттахха, сот (пчелиный сот) тутулун курдук тахсан кэлиэхтээх.

6. Кумааҕыга мүөтү кутан баран аллараттан уматтахха, чоххо кубулуйбат.

7. Өскөтүн мүөккүт номнуо хойдон, саахарданан хаалбыт буоллаҕына, «водяная баня» ньыманы туһанан, сэрэнэн убатыахха сөп. Ол кэнниттэн буоска куһуоктара тахсан кэллэхтэринэ, мүөт дьиҥнээх эбит диэн үөрүөх тустааххыт.

Күндү ааҕааччыларбыт! Бу үөһэ этиллибит биир эмэ ньыманы туһанан, дьиэҕэ баар мүөккүтүн бэрэбиэркэлиэххитин, дьиҥнээҕин дуу, сымыйатын дуу, судургутук быһаарыаххытын сөп.

«Киин куорат» кэрэспэдьиэнэ бу сайын Владивостоктан үлэспит мүөтүн тургутан көрдө. Онуоха үс бастакы ньыманы туһанна.

Мүөт суорда «Разнотравный» диэн, араас үүнээйи симэһиниттэн оҥоһуллубут.

Бастакы ньыма түмүгэ: мүөт хараҥа уонна сөрүүн сиргэ турбут буолан, хойдо илик, хайдах кэлбитинэн турар.  

Иккис ньыманы боруобалаан көрдүбүт: кырдьык, тута сүүрэн хаалбата, ол эрээри муостаҕа саккыратыахпыт диэн өр туппатыбыт. Бу диэн эттэххэ, «таммахпыт» улахана да сүрдээх буолан биэрдэ.

Үһүс ньыма бэрт судургу, ньаҕайа суох эбит. Чахчы, бастаан биир улахан, онтон кыра хабах таҕыста. Хаартыскаларга чуолкайдык көстөр.

1 / 3

Уопсай түмүк: үлэспит мүөппүт дьиҥнээх, дыргыл сыттаах уонна минньигэс!

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.