Дьэдьэн – иһиккэ, таҥаска, ойууга!
Оттон Уус Алдан улууһун Тулуна нэһилиэгин олохтооҕо Анна Васильевна Троева дьиэтин иһигэр хайа диэки хайыстыҥ даҕаны – барыта... дьэдьэн.
Анна Троева: «Дьэдьэн курдук тэтэркэй, минньигэс, нус-бааччы олоҕу!»
75 саастаах ийэ, эбэ, хос эбэ Анна Васильевна сааһын тухары Тулунаҕа олорор.

– Түөрт оҕолоохпун. Бары ыаллар. Онон элбэх сиэн, хос сиэн эбэтэбин. Кэлин бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, балаҕан туттан, сүөһү-ас ииттэн, сайылыкка олорбуппут.
Билигин дьиэбэр соҕотохпун. Иллэҥ кэммэр иистэнэбин, кылынан дьарыктанабын. Ис сүрэхпиттэн сөбүлүүр, дууһалыын манньыйар биир ураты дьарыгым – дьэдьэн ойуулаах иһиттэри, малы-салы мунньуу.

Хайдах саҕаламмытай диир буоллахха, оччолорго сайылыкка ыалларым дьэдьэннии ыстаналлара. Мин, хараҕым мөлтөх буолан, тахсыбат этим. Дьэдьэннииллэригэр ымсыыран эбитэ дуу, дьэдьэн ойуулаах тугу эмит көрдүм да, мунньар идэлэммитим. Сиэннэрбин дьэдьэн ойуулаах таҥаһынан таҥыннарарым. Иһитим эмиэ дьэдьэн ойууламмыта, онтон аһатарым. Уонна онтон астынар, дуоһуйар курдугум. Ханна да сырыттарбын, харахпар урут дьэдьэн көстөр буолбута. Дьүөгэлэрим, дьонум, оҕолорум дьэдьэн ойуулаах иһити, таҥаһы бэлэхтээтэхтэринэ, үөрүүм үрдүү түһэр буолбута.
Билигин уопсайа 400-кэ иһит-хомуос, мал-сал баар. Мантан тугу да чорбоппоппун. Миэхэ барыта күндү. Кыра кыыһым төрөөбүт күммэр бэйэтэ хартыына быысыпкалаан бэлэхтээччи, наһаа бытархайынан анньыллыбыт. Сороҕун ыйыы иликпин. Балары үйэлээх бэлэх дии саныыбын.
Быйыл ханна даҕаны дьэдьэн өлгөмнүк үүнэн, блогер кыыс кэлэн түһэрэн, биллэн хааллым быһыылаах.
Барыгытын дьэдьэн курдук тэтэркэй, минньигэс, нус-бааччы олохтоох буолуҥ диибин. Эйэ, дьол аргыстастын диэн алгыспын аныыбын.