Дьахтар аймах Госдуумаҕа дьокутаат буолуута
(Салгыыта, 2-с чааһа)
Уопсайа, бу күһүн талыллыбыт тохсус ыҥырыылаах мунньах 450 дьокутаатыттан 80-а – дьахтар эбит. Ол эбэтэр, кинилэр парламентан 17,8 бырыһыаны ылаллар.
Бу бачча дьахтар дьокутаат талыллыыта -- Арассыыйа алын палаатата үлэлээн кэлбит усталаах-туоратыгар аан бастакытын элбээбитин туоһута дииллэр. Бу иннинээҕигэ дьахталлар 74 этилэр.
Дуума салалтатыгар, ол аата, президиумугар итинтэн 4 дьахтар дьокутаат баар. Ол курдук, спикер бастакы солбуйааччыта Ирина Яровая, ону таһынан вице-спикердэр Анна Кузнецова, Виктория Абрамченко (“Биир ньыгыллар”) уонна ЛДП-тан Мария Воропаева үлэлиэхтэрэ.
Ааспыты анааран көрдөххө
- Бастакы Судаарыстыбаннай Дуумаҕа (1993-1995) 58 дьахтар дьокутаат баара. Итинтэн 23-э «Женщины России» хамсааһынтан талыллыбыттара бэлиэ түгэн.
- Иккискэ (1995-1999) — 46,
- Үһүскэ (1999-2003) — 34,
- Төрдүскэ (2003-2007) — 44, их число выросло за счет «Единой России»,
- Бэһискэ уонна алтыска (2007-2011 уонна 2011-2016) — 61-дии,
- Сэттискэ (2016-2021) — 63,
- Ахсыс ыҥырыылаах Мунньахха – 74 кэрэ аҥаар дьокутаат баара.
Ити курдук, дьахтар дьокутаат буолуута сырыы аайы сыр-мыр да буоллар, элбээн иһэрэ кэрэхсэбиллээх. Онуска өссө элбиэхтэрэ диэн эрэниэҕи баҕарыллар.
Уопсайа дойдубут 8 ыҥырыылаах мунньаҕар барыта холбоон, кырата, 316 дьахтар дьокутааттаабыт. Ол да буоллар, дьокутаат уопсай ахсаанын баара эрэ 14 бырыһыанын ылар. Онон көхтөөх, өй-толкуй мааны хотуттара билиҥҥиттэн сыал-сорук туруорунан үлэлиэхтэрин наада эбит.