10.10.2026 | 08:30 | Просмотров: 91

«Чолбон» туһунан быыстапканы сэргээҥ

Номох буолбут рок-бөлөх “Чолбон” туһунан мультимедийнай быыстапка үлэлээтэ.
«Чолбон» туһунан быыстапканы сэргээҥ
Ааптар: Киин Куорат
Хаартыска: «Россия — Моя история» түмэл
Бөлөххө киир

“Россия - Моя история” түмэл историческай пааркатыгар «Месяц культурного рока: 39 лет с Чолбон» быыстапка үлэтин саҕалаата.

Тэрийээччилэр иммерсивнэй эйгэ тэрийэн үйэ символа буолбут “Чолбон” айар суолун, Сибииргэ рок музыка сайдыытын көрдөрөр экспозицияны  бэлэмнээтилэр. Маны тэҥэ худуоһунньук Дьулустаан Бойтунов хартыыналара аныгы мультимедийнай технологиянан “тыыннааҕымсыйан” музыка историятын кэрэһиттэрэ буоллулар.

Быыстапкаҕа “Чолбон” рок-бөлөх хиттэрэ айыллан тахсыбыт музыкальнай инструменнара көрдөрүүгэ турдулар, ону тэҥэ архыыпка баар видео устуулары, интервьюлары көрүөххэ, интерактивнай оонньууларга холонуохха сөп.

Түмэл аадырыһа: К,Уткин уул., 5. Билсэр төл.: 40-35-97

1 / 5

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.