Чесногу хайдах сиэхтээхпитий?
Хайдах сиэхтээхпитий?
Улахан киһи сууккаҕа сиир дозата – 1-2 чеснок өлүүскэтэ. Онтон элбэҕи сиир сатаммат, ис-үөс аһыйыан, куртах бааһырыан, ис үллүөн, аллергиялатыан сөп. Кырдьаҕас дьон 4 граммтан элбэҕи сиэ суохтаахтар.
Чесногу сиикэйдии сиир ордук туһалаах. Кыра гына кырбаатахха аллицин диэн эттигэ элбиир. Ол иһин кырбаан баран 10-ча мүнүүтэ туруора түһэн эрэ баран аска кутуохтаахпыт.
Чесногу ыһаарыга туттар буоллахха өр сылытар сатаммат – аллицина сүтэргэ барар. Ол иһин ас буспутун кэннэ саамай бүтэһигэр табыгынатабыт.
Чесногу ыстаабакка, өлүүскэнэн ыйыстар куртахха сэрэхтээх.
Доруобуйаҕа туох туһалааҕый?
Сүрэххэ-тымырга: хаан баттааһынын таһымын түһэрэр, куһаҕан холестерины намтатар, тромбоциттар сыстыһалларын бытаардар.
Иммунитекка: иммунитет килиэккэлэрин уһугуннарар.
Ас буһарар уорганнарга: үөс үлэтин тупсарар, куртахха ферменнэр үөскүүллэрин күүһүрдэр. Куһаҕан микрофлораны өлөрөр.
Антиоксиданнардаах: чеснок киһи организмыгар барар аһыйыыны бытаардар.
Панкреатиттаах, язвалаах, гастриттаах дьон ыалдьа сылдьар кэмнэригэр чесногу сиэ суохтаахтар.
Бүөр, быар ыарыылаахтарга, үөстэригэр таастаахтарга кутталлаах.
Чеснок хааны убатар, ол иһин сорох хаан ыарыылаахтарга барсымыан сөп.
Хат уонна оҕо эмтэрэр дьахталларга барсыбат.
Чеснок эми солбуйбат. Күн аайы сиир буоллаххытына бырааскытын кытта сүбэлэһэргит ордук.
Сороҕор чесногу тириигэ тутталлар: кыра бааска, дерматитттарга биһэллэр – норуот ньымата. Ол эрэн сибиэһэй чеснок сүмэһинэ олус аһыы, төттөрүтүн, тириини алдьатыан сөп.
Чеснок – аһылыкка олус туһалаах эрээри, кэмнэнэн сиэнэр. Эми солбуйбат.